Якутские буквы:

Якутский → Якутский

уйадытыылаах

даҕ. Кими эмэ харааһыннарар, долгутар. Вызывающий в ком-л. сочувствие, приводящий в умиление
Улаханнык таһылыннаҕына Саапка ытыы-ытыы ийэ сүрэҕин бааһырдар курдук, араас уйадытыылаах тыллары саҥарара. Д. Таас
Ньиэмэс улуу хампаһыытара Штраус айбыт ордук уйадытыылаах муусукатын истибит ынах үүтэ эбиллэр үһү эбээт! «Кыым»
Вера Иосифовна кэлэҥҥин эрэйбин-муҥмун чэпчэт диэн бырааска уйадытыылаах суругу суруйбут этэ. А. Чехов (тылб.)


Еще переводы:

трогательный

трогательный (Русский → Якутский)

прил. киһини таарыйар, киһини долгутар, уйадытыылаах; трогательная забота киһини долгутар кыһамньы.

долгутуулаах

долгутуулаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Киһини долгутар, аймааһыннаах, уйадытыылаах. Приводящий в волнение, вызывающий трепетное чувство, волнительный
Эргэ дьыл томточчу туолан, саҥа дьыл саҕаланыыта долгутуулаах да түгэн! Н. Лугинов
Сенат иннигэр ХодуловОтелло этэр монолога долгутуулаах. Эрчимэн. Долгутуулаах үчүгэй кэпсээннэринэн Николай Мординов талааннаах эдэр суруйааччы Амма Аччыгыйа диэн аатынан норуокка биһирэппитэ, биллибитэ. Н. Габышев