Якутские буквы:

Якутский → Якутский

улуутуй

туохт.
1. Кимиэхэ эмэ киэбирэ, киэмсийэ тутун. Вести себя надменно, напускать на себя важность
[Дьаакып кинээс:] Хайа, нохоо, Тиитэп! Аҕаҥ тоҕо кэлбэтэ? Улуутуйан олордоҕо дии. А. Софронов
«Арамаан Дьөгүөрэп хотуна Марыына, арыгыта аҕаллын, умнаһыкка дылы киһинэн ыытан баран, улуутуйа сыппатын, сирэй бэйэтинэн аҕалан биэрдин», — диэн буолла. Амма Аччыгыйа
Уопуттаах киһи буолан улуутуйбутун көрүөҥ этэ. Суорун Омоллоон
2. көсп. Ураты улахан, кэрэ көстүүлээх курдук буолан көһүн. Выглядеть, смотреться величаво, величественно
[Очуостар] Чыыстай улугурбут уутун маныыр курдук, чуумпуран, улуутуйан олороллоро көстөр. Н. Заболоцкай
Күн аннын диэкиттэн түөрт кылбаа маҥан көтөр улуутуйа мөлбөйөн, кэрэтик дайбанан кэлэн аттыбытынан көтөн аастылар. И. Данилов
Манна Алдан кэҥээн-киэптэнэн улуутуйа устар эбит. «ХС»
Улуутуйар Улуу (Хара Суорун) тойон миф. — этиҥ таҥаратын аата. Громовержец (божество)
Уолугун төрдүгэр Улар саҕа урдаах Уолуйан уһуктар Улуутуйар Улуу тойоҥҥо умсуйда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Үөһэ үлүскэннээх үрдүк мэҥийэ халлаан Үөтүүлээх үрүт өттүгэр үөскээбит, Аныардаах алып-чаалай халлаан Алдьархайдаах аймахтарын аҕалара-ийэлэрэ буолбут Улуутуйар Улуу тойон. П. Ойуунускай
[Хаҥыллай:] Улуутуйар Хара Суорун тойон Хаһан эмэ хара суор буолан кубулунан Уол оҕо чулуутун үрдүнэн Анаан-минээн халаатыыр дииллэр. И. Гоголев

Якутский → Русский

улуутуй=

гордиться, кичиться, важничать; улуутуйан кэпсэппэт буолбут он до того заважничал, что и не разговаривает; тугу гынан улуутуйар ? чем он так кичится? ср. улуутумсуй = # Улуутуйар улуу Тойон уст. Громовержец (божество).


Еще переводы:

улуутумсуй=

улуутумсуй= (Якутский → Русский)

напускать на себя важность, считать себя значительным, важным; ср. улуутуй =.

улуутуйуу

улуутуйуу (Якутский → Якутский)

улуутуй диэнтэн хай
аата. [Наполеон] эмиэ туох эрэ улуутуйуу албын сибиэннэрин эйгэлэригэр киирэн хаалар. Л. Толстой (тылб.)

улуутуйбуттук

улуутуйбуттук (Якутский → Якутский)

сыһ. Улуутуйар курдук, улуутуйар быһыынан. Высокомерно, надменно, важно
Киирбит киһи улуутуйбуттук туттан, быыс диэки хааман түөһүллэҥнээтэ. Н. Заболоцкай
«Тойон генераллар! — Пугачёв улуутуйбуттук саҥарбыта. — Түксү, этиһимэҥ». А. Пушкин (тылб.)

вознестись

вознестись (Русский → Якутский)

сов. 1. (подняться вверх) өрө таҕыс, кыырайан таҕыс; 2. разг. (возгордиться) киэбир, улуутуй.

сүҥкэдий

сүҥкэдий (Якутский → Якутский)

туохт., фольк. Тугунан эмэ аатыр, улуутуй. Возвеличиться, прославиться. Одун биис олоҕо сүҥкэдийбит. Саха фольк.

аарыктый

аарыктый (Якутский → Якутский)

туохт. Сүдү көрүҥнэн, улуутуй. Иметь величественный вид (обычно о природе)
Аар тайҕа! Кини уһун кыһын устатыгар үрүҥ хаарынан үллүнэн, аарыктыйан турар. И. Данилов

оһообуй

оһообуй (Якутский → Якутский)

даҕ. Мөлтөөбүт-ахсаабыт, улаханнык кырдьыбыт. Ослабевший от старости, состарившийся
Кэлэллэр оһообуй оҕонньоттор, Элбэх эмчиирэ эмээхситтэр, Улуутуйар одун тойонньуттар, Ачыаһырар айыы симэхситтэр. Таллан Бүрэ

чугурумтаҕай

чугурумтаҕай (Якутский → Якутский)

даҕ. Куттамсах, үргүүк (сүөһүнү этэргэ). Пугливый, боязливый (о скоте)
Чугурумтаҕай сүөһүлээх, Киргимтэҕэй киһилээх, …… Улуутуйар тойон оҕонньор, Уорда Маҥалай эмээхсин. П. Ядрихинскай

илиилэн

илиилэн (Якутский → Якутский)

туохт. Илиилээх буол. Иметь руки
Оҕолорум сордоохтор Эриллэ хаппыт илиилэнэн, Хатылла хаппыт атахтанан Бобулла буомуран хаалыах Сорукайдарын даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
Уоран-талаан барарга Уһуктаах тарбахтаммыттар, Уоттаах илиилэммиттэр Улуутуйар Улуу тойон биистэрэ Ыраах ыырданыахха дэспиттэр. П. Ойуунускай

кэйбэлдьит

кэйбэлдьит (Якутский → Якутский)

кэйбэлдьий диэнтэн дьаһ
туһ. Киҥкиниир киэҥ халлааны Киэбин-киэлитин кэйбэлдьиппит …… Улуутуйар Улуу Суорун уустара …… Олохсуйбуттара эбитэ үһү. П. Ойуунускай
Кэтит киэҥ ийэ сири Ким да бэйэкээннээх кэлэн Кэйбэлдьиппэт-сиэгэнэппэт гына …… Оҥоһуллан иэнигийбит эбит! «ХС»