туохт. Илиилээх буол. ☉ Иметь руки
Оҕолорум сордоохтор Эриллэ хаппыт илиилэнэн, Хатылла хаппыт атахтанан Бобулла буомуран хаалыах Сорукайдарын даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
Уоран-талаан барарга Уһуктаах тарбахтаммыттар, Уоттаах илиилэммиттэр Улуутуйар Улуу тойон биистэрэ Ыраах ыырданыахха дэспиттэр. П. Ойуунускай
Якутский → Якутский
илиилэн
Якутский → Русский
илиилэн=
возвр. от илиилээ =; кини илиилэммит рука у него зажила (букв. он стал с рукой).
Еще переводы:
тарбахтан (Якутский → Якутский)
туохт. Тарбахтаах буол. ☉ Иметь палец, пальцы
Уоранталаан барарга Уһуктаах тарбахтаммыттар, Уоттаах илиилэммиттэр. П. Ойуунускай
Кэпсэппит эрэ ыалын Кэһээн сиир ааттаммыта, Таһыттан барсы киллэрэргэ Тардыахтаах тарбахтаммыта. С. Васильев
Сүүһэ да мыччыһыннар, Сүрдээҕин өйдүүр, Бакыр да тарбахтаннар, Суруйар, бодьоойдуур. Т. Сметанин
борҕоһуй (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс. Өр дьарыктаммакка эбэтэр кырдьан урут сатыыргын аанньа сатаабат буол, туохха эмэ салаҥ илиилэн. ☉ Утрачивать свои навыки, умения в чем-л. от долгого перерыва или от старости; отвыкать
Оҕонньор борҕоһуйан буочара мөлтөөбүт. СГФ СКТ
Сибилиҥҥэттэн талаанын сайыннара, үөрэтэ сырыттаҕына сатанар, хойут улаатан баран буоллаҕына, борҕоһуйан хаалыа. «ХС»
Дьон сиртэн тэйдэр-тэйэн, оннооҕор бэйэлэрин уһаайбаларыгар бэйэлэрэ сиир хортуоппуйдарын да үүннэрбэт буола борҕоһуйбуттара. «Кыым»
иэмэхтээ (Якутский → Якутский)
туохт., эргэр. Дьаныардаахтык, дьүккүөрдээхтик үлэлээн, эрчийэн, эрийэн-мускуйан кимиэхэ эмэ туох эрэ үөрүйэҕи, сатабылы иҥэр, баһылат. ☉ Постоянной, упорной работой приучать кого-л. чему-л., прививать какой-л. навык кому-л.
Мин иэмэхтээн эрчийбит эрэттэрим бэйэм курдук Илбистээх илиилэнэн, ыар тыыннанан хаалааччылар, Чабыланар диэйэҕин, чахчытын амылыйабын. И. Гоголев
буомур (Якутский → Якутский)
туохт. Аанньа аһаабакка эбэтэр көрүллүбэккэ-хараллыбакка быһа түс, дьүдьэй, дьүүкээр, хат-куур. ☉ Хиреть, худеть, сохнуть (от недоедания, плохого ухода — о ребенке, молодняке скота и т. п.)
[Оҕолорум сордоохтор] Эриллэ хаппыт илиилэнэн, Хатылла хаппыт атахтанан, Ис иччитэ бэйэлэнэн, Муҥу көрөн, буору сөҕөн, Бобулла буомуран хаалыах Сорукайдарын даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
Хамначчыт хара дьадах олоҕор хам ыллара сылдьар оҕобут буомура-буомура өрүһүнэн, син улаатан, сайыҥҥы нарын сибэкки курдук, ситэн-хотон испитэ. М. Доҕордуурап
бэйэлэн (Якутский → Якутский)
туохт. Ханнык эмэ көрүҥнэн, ханнык эмэ көрүҥнээх буол. ☉ Иметь какой-л. вид, какое-л. телосложение
Ат сылгы сиэлинэн-кутуругунан кынаттанан көтөн тиийэн кэллэ да, «лап» гына үктэнэ түстэ. Ата халыҥ куҥнаммыт, хат таманнаммыт, үтүө бэйэлэммит. Ньургун Боотур
Өргөннөөх кыра-дьадаҥы дьонноро устан ааспыт урукку кэмҥэ хараҥа батталга хам тэпсиллэн хатыҥыр бэйэлэнэн, чэрдээх илиилэнэн сылдьыбыттара. Эрилик Эристиин
Этиҥ, чаҕылҕан, силлиэ Эллээн кииллиппит эттэннин, Хабыр дьыбар, умайар кураан Хатаран эрчийбит бэйэлэннин! П. Тобуруокап
түөстэн (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс. Эмиийиҥ томтойо улаат (кыыс оҕо эт тутан ситэр кэмигэр). ☉ Выдаваться вперёд, выпячиваться, наливаться (по достижении зрелого возраста — о женской груди)
Лоокууту көрө-көрө сиһин этэ сиппит, буутун этэ муҥутаабыт, толору түөстэммит кыыс оҕо имин хаана оонньуура. Дьүөгэ Ааныстыырап
[Дуомуна] томтоҕор үрдүк түөстэммитэ, үтүөкэн таһааламмыта. Л. Попов
♦ <Хатырык тириилэн,> этирик түөстэн — ким, туох эмэ батталыгар олор. ☉ Находиться под гнётом когочего-л.
Кини ырыатыгар хараҥа батталга хам кэлгиллэн, хатырык тириилэнэн, этирик түөстэнэн сылдьыбыттара субу баар курдук көстүтэлээн ааста. Эрилик Эристиин
Сынньыллартаһыллар бөҕөлөртөн этирик түөстэммитим, чэрдээх илиилэммитим. Дьүөгэ Ааныстыырап
дэбдэй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Өрө көтөҕүлүн, өндөй. ☉ Приподняться
Тогойкин, күн өрө дэбдэйэн тахса илигинэ тиийдэрбин диэххэ айылаах, тиэтэйэн, сыыйа тэбэн сардырҕатан истэ. Амма Аччыгыйа
Туллукчаана мичээрэн, хаастара өрө дэбдэйэн таҕыстылар, соҕотохто Хабыыча аттыгар баар буола түстэ, кууспахалаан, сыллаан-уураан барда. В. Протодьяконов
Имэ дэбдэйэр. «Кыым»
2. көсп. Санааҥ көтөҕүллэн тугу барытын кыайыах курдук санан, эрдийэн кэл. ☉ Воспрянуть духом
Үһүөн иллэһэммит, аһынньык үтүө санаабытын холбоон, тыынар тыыннааҕы өлөртөн быыһаан, үөрэ, дэбдэйэ түстүбүт. Н. Габышев
Илья Васильевич онон санаата көтөҕүлүннэ, дэбдэйдэ, түүн аанньа утуйбата. Н. Габышев
△ Киһиргээ, мин аҕай дэнэрдии тутун. ☉ Хвастаться, проявлять легкомысленное хвастовство (в ответ на похвалы, поддакивание)
Киһи барыта мүөттээх тыл тиийбэтинэн хайгыа - тоҕус үйэ тухары доҕор буоларга, аҕыс үйэ тухары атас буоларга андаҕайыахтара. Ол аайы эн үөрэн, дэбдэйэн өссө аһаҕас ытыстаныаҥ, өссө дьөлөккөй илиилэниэҥ. Далан
Өскөтө мин туохтан эмэ дэбдэйэн, өргөйөн - сүөм үрдээбит курдук сананным, киэбирээри гынным да - ол атырдьах ыйынааҕы сарсыарданы саныыбын. Н. Габышев
дьэ эрэ (Якутский → Якутский)
сыһыан холб.
1. Соруйууну, дьаһайыыны көрдөрөр. ☉ Выражает побуждение (ну-ка)
Дьэ эрэ, кэпсээ. Дьэ эрэ, кэпсээ. Н. Габышев
«Дьэ эрэ, ыттыах буолбут сиргэр ытын», - диэтэ Коля. Эрилик Эристиин
Дьэ эрэ, оччоҕо эн икки атахтааҕынан биир аппаны толор, мин эн куттанар көтөргүнэн биир аппаны толоруум. Суорун Омоллоон
△ Хайааһыны холбоһон оҥорорго ыҥырыы дэгэттэнэр. ☉ Выражает призыв к коллективному действию (давайте-ка)
Дьэ эрэ, Элбэх илиилэниэххэ, Үгүс күлүктэниэххэ! С. Васильев
Дьэ эрэ, хата тириитин сүлбүтүнэн барыахха. «ХС». Дьэ эрэ, аны сэбиэдиссэйи истиэҕиҥ. И. Семенов
△ Суоһурҕаныылаах сэрэтии дэгэттэнэр. ☉ Выражает предупреждение с угрозой (ну смотри)
Ноко! Дьэ эрэ, сэрэнэн-сэрбэнэн тур эрэ, мин киһи илиим дьолуотун көр эрэ! Ньургун Боотур
2. Хайааһын кэмин аһаран баран, субу эрэ буолбутун бэлиэтиири көрдөрөр (дэҥҥэ тут-лар). ☉ Выражает оценку действия как совершившегося только что или по истечении положенного времени (наконец - редко употр.)
Аня кийиит кыыс буоларын дьэ эрэ билинэн, толлоро, симиттэрэ улаатан истэ. В. Иванов
илбистээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. эргэр. Хаанымсах, хааҥҥа баҕалаах, хааҥҥа курдаттыы тартарар (үксүгэр кыргыс сэбин туһунан). ☉ Кровожадный (эпитет, характеризующий боевое холодное оружие); имеющий страсть к убийству, к резне
Оннооҕор буолуох бухатыырдарга илбистээх илиилэммит киһибин. Саха фольк. Хайа, тэбиик мохсоҕоллорум, Илбистээх биилээхтэргит санаалара көнньүөрэн, Оботтоох уһуктаахтаргыт утахтара ханан кэллэ дуо? И. Гоголев
Бөрө бөтүҥнэр маннык айылаах илбистээх сэрии сэбэ кинилэр эттэригэр-хааннарыгар ананан оҥоһуллан эрэрин билбэттэр. «Чолбон»
2. Киһини абылыыр күүстээх; дириҥ иэйиилээх, долгутуулаах, ылыннарыылаах, курдаттыы тардар (тыл, ырыа туһунан). ☉ Обладающий особой силой внушения, способностью зачаровывать (напр., шаман, певец-сказитель); проникновенный (о речи, песне)
Аартык иччитин ыллаабыт киһи ырыатын кыайбата. Бу ырыа чиҥ хатан, дириҥ, илбистээх, улуутуҥу соҕус буолуох тустаах этэ. П. Ойуунускай
Саха тыла - наһаа баай, күүстээх, били этэргэ дылы, кырдьык да имэҥнээх, илбистээх тыл. Күннүк Уурастыырап
Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларын төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри... Суорун Омоллоон
Ол эрээри оҕонньор ити бүрэ тас көрүҥэр холооно суох киһини итэҕэтэр сүлүһүннээх тыллаах, илбистээх биллэр ойуун этэ. С. Курилов (тылб.)
соллоҥноох (Якутский → Якутский)
- даҕ. Иҥсэтиттэн, баһылыыр-көһүлүүр санаатыттан өлөрөрүн-өһөрөрүн да кэрэйбэт, сиэмэх. ☉ Алчный, как жаждущий крови хищный зверь
Баай Баһыккалаах соллоҥноох мэнэгэйдэрэ Өлөксөөнү оннук ыйыстыбыта. Бэйэтин курдук хас да дьадаҥы дьоннору кытта ойуурга таһааран дьууктаан баран, барыларын биир ииҥҥэ көмпүттэрэ. Н. Кондаков
Харабыллар — саамай соллоҥноох бандьыыттар. Н. Габышев
Соллоҥноох өстөөх соллоҥ буулдьатыгар табыллан, Сорохпут олоҕо сулустуу суулбута ол онно. Л. Габышев - аат. суолт., эргэр., фольк. Абааһы. ☉ Абаасы (общее название злых духов)
Соҕотох харахтаах соҕуруу уолун соллоҥнооҕун соруйан таһаараннар Орто дойду дьолун тохтордулар. Ньургун Боотур
Дьэ, соҕуруу бөҕө соллоҥнооҕо, илиэһэй иҥсэлээҕэ! Эн тускар алдьархай атахтаныам, илдьиркэй илиилэниэм. ПЭК ОНЛЯ II
Саха олоҥхолоро …… Аллараа дойду суостаах соллоҥноохторун кытта дойду айыы бухатыырдара охсуһууларын көрдөрөргө ананаллар. М. Тимофеев-Терёшкин