унаар-мунаар урсуннаах фольк. Араас өҥүнэн толбоннуран дьиримнии турар тунааран көстөр (ньуурдаах). ☉ Переливающийся разными оттенками красок и покрытый лёгкой пеленой (о поверхности лугов, полей)
Унаар-мунаар урсуннаах Улуу дураар хонууга Тэбэр тилэх ньиргийдин! Тэйэн-тэбэн иһиэххэ. П. Ойуунускай
Улаҕата-уҥуоргута биллибэт, Устата-туората көстүбэт, Унаар-мунаар урсуннаах Уһун дураар толоон Орой киинигэр Олоҕурбут аххан эбит Обургу дьаалы, бу киһи. Суорун Омоллоон
Убайым олоҥхотугар этиллэринии, унаар-мунаар урсуннаах Улуу Хочону уллуҥаҕынан үллэстэр хойуу киһи мустубут. БН СУ
Якутский → Якутский
унаар-мунаар
Еще переводы: