Якутские буквы:

Якутский → Якутский

уоскутус

уоскут диэнтэн холб. туһ. Ытаабыт-соҥообут дьону уоскутуһан, уолу кистэһэн баран, бу кэллим. В. Протодьяконов
Дьоннор тоҕо хардарыта уоскутуһалларый? Уоскутуһар букатын наадата суох. Н. Чернышевскай (тылб.)


Еще переводы:

кистэс

кистэс (Якутский → Якутский)

I
кистээ I диэнтэн холб. туһ. [Кыргыттар] Биһилэх кистэһэргэ Бэркэ бэһирдилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Ытаабыт-соҥообут дьону уоскутуһан, уолу кистэһэн баран бу кэллим. В. Протодьяконов
II
кистээ II диэнтэн холб. туһ. Киһи кэпсэтэн билсэр, сылгы кистэһэн билсэр (өс хоһ.)
Ханна эрэ ыраах сылгылар кистэспит саҥалара тоҥ салгыны тоҕо ааҥнаатаҕына, ыран-сылайан иһэр аттар …… сэргэхсийэ түһэллэр. Эрилик Эристиин
Уойан тупсубут атыырдар …… дорҕоонноохтук кистэһэллэрэ. Ч. Айтматов (тылб.)
Элиэлэр сэтэрээбит курдук омуннаахтык кистэһэн дьырыластылар. В. Короленко (тылб.)