ыыс (аан) быдаан — хойуу буруо, туман (хол., кыһыҥҥы улахан тымныыга). ☉ Густой дым, туман (при сильном морозе)
Тымныы ыыс — быдаанын ортотунан ыт мөлбөрүс гынан ойон киирэр. Амма Аччыгыйа
Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар, тыыннарын хаайар, тумнара сыһар. Кинилэр тула өттүлэрэ ыыс — быдаан, бүтүннүү буруо. В. Протодьяконов
△ Олус хойуу (туман, буруо тустарынан). ☉ Очень густой (о тумане, дыме)
Уоҕан уолбун — Ыыс быдаан тыыннаах, Болуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах Дьыл оҕуһун Утаардаҕым буоллун! Өксөкүлээх Өлөксөй
Аан быдаан туманынан бүрүнэн, ахсынньы ый обургу хабыалас тымныынан хабылынна. М. Доҕордуурап
Ыыс быдаан туман. Туркутугар олорбута, оннооҕор бэриэтчит ыт кутуруга көстүбэт. Н. Якутскай