несов. см. уподобить(ся).
Русский → Якутский
уподоблять(ся)
Еще переводы:
ассимилировать (Русский → Якутский)
сов. и несов. 1. кого-что (уподоблять) ассимиляциялаа, симэлит; 2. что, биол. (усваивать) ассимиляциялаа, иҥэрин; ассимилировать кислород воздуха салгын кислородун иҥэрин.
холуй= (Якутский → Русский)
1) полагать, считать; эйигин улахан күүстээххэ холуйабын я полагаю, что ты очень силён; 2)сравнивать, уподоблять; былыргыга холуйдахха ... если сравнить с тем, что было в старину...; туохха да холуйума а) не сравнить ни с чем; б) не ставить ни во что.
хабааннаа= (Якутский → Русский)
1) относить к чему-л., усматривать в чём-л. общность с чем-л.; уподоблять кого-что-л. кому-чему-л.; кэрэ кыыһы сибэккигэ хабааннаа = уподобить красавицу цветку; 2) делать что-л. по подобию чего-л.; остуолгун маныаха хабааннаан оҥор сделай свой стол наподобие этого.
холобурдаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Холобур аҕал, холобур курдук көрдөр, кэпсээ. ☉ Приводить пример, ставить в пример
Сэмэн Арамаанабыс, дьэ саамай сөпкө холобурдаан эттиҥ. Н. Лугинов
Итиннэ дэлэгээттэр элбэх итэҕэстэри холобурдаан көрдөрдүлэр. «Кыым»
Өссө атын түгэни холобурдуум. «Сахаада»
2. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, ханыылаа. ☉ Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
[Таатта] Куйа хочотун буобура кыыл Уорҕатын ньууругар холобурдуубун. Саха нар. ыр.
дьүөрэлээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Тугу эмэ атыны кытта тэҥнээ, маарыннат (иһиллиитинэн, тас көрүҥүнэн, быһыытынан-майгытынан о. д. а. көстүүлэринэн). ☉ Сравнивать что-л. с кем-чем-л., уподоблять кому-чему-л. (по звучанию, внешнему виду, характеру и др.)
Талан, тылы дьүөрэлиир Тардыылааҕын баҕаһын, Үлүһүйэн үлэлиир Үчүгэйэ алыһын! Күннүк Уурастыырап
Сайын саһыл сыһыыларыгар Самоходка косилкаҕын Салайаргын көрдөхпүнэ Сандал күҥҥэ дьүөрэлиибин. П. Тобуруокап
Поэт саҥа олоҕу саас кэлиитигэр, сайыҥҥы күөххэ үктэниигэ дьүөрэлээн хоһуйар. «ХС»
2. Тугу эмэ туохха эмэ холбуу тут, сөп түбэһиннэр. ☉ Сочетать, совмещать что-л. с чем-л.
Кыһыл Аармыйа соһуччу маневры уонна артиллерияны таба дьүөрэлээн туттан, өстөөххө саба түһэр саҥа тактиканы олохтообута. НМВ ССРСИ
Ыччаттар сынньанар кэмнэрин үлэни кытта таба дьүөрэлииллэр. «ЭК»
холуй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ майгыннат, биир курдук санаа, тэҥнээн көр. ☉ Представлять кого-что-л. похожим на кого-что-л., сравнивать с кем-чем-л., уподоблять кому-чему-л.
Урут бөрөлөр суолларын сылгы, таба, киһи суолугар холуйар буолара. Амма Аччыгыйа
Бүлүүтээҕи ГЭС тутуутугар үлэлээччи дьону оҕонньор халыҥ хайаны хампарытар, дохсун дьулусханы бохсор кыахтаах олоҥхо бухатыырдарыгар холуйара. И. Данилов
Сахалар күөл иччитин улахан баҕайы оҕус мөссүөнүгэр холуйаллар. АЕЕ ӨӨ
2. көр холоо
2
Атыттарга холуйдахха, сырдык дьиэ. Амма Аччыгыйа
◊ Быһа холуйан көр быһа I
Ол тааһы дьон быһа холуйан сүүрбэ биэс буут буолуо дииллэрэ. Р. Кулаковскай
Биһиги быһа холуйан икки сүүс сэттэ уон биэс миэтэрэ туоралаах сүүнэ өрүһү нөҥүө туоруохтаахпыт. «Чолбон»
Воропаев дьиэни чөлүгэр түһэрэргэ төһө кирпииччэ наадатын быһа холуйан суоттаата. ПП Дь
ср. др.-тюрк. хол ‘просить, добиваться, вымаливать’
тэҥнээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кими, тугу эмэ сэргэ тутан майгыннаһар эбэтэр уратылаһар өрүттэрин быһаар; туохтары эмэ бэрэбиэркэлээн тэҥнэрин, уратыларын бул. ☉ Устанавливать черты сходства или различия, сравнивать, сопоставлять когочто-л.; сопоставлять одно с другим для проверки, сличать, сверять
Мунньахпыт итинтэн сылтаан уруккуну билиҥҥи сайдыыга тэҥнээн көрөн бэртээхэй кэпсэтиинэн түмүктэммитэ. Н. Лугинов
Өрүс уҥуор баар өстөөх оборонатын бүнүөкүлүнэн, стереотрубанан көрөкөрө, хаартаҕа тэҥниибит. Т. Сметанин
Үөрэнээччи уруокка көхтөөхтүк кыттан, ыйытан, мөккүһэн, дакаастаан, тэҥнээн, сөптөөх түмүккэ бэйэтэ тиийэ үөрэнэр. КИИ МКТТҮө
2. Тугу эмэ атын тугу эмэ кытта тэҥ буоларын курдук оҥор; кими, тугу эмэ туохха эмэ холоо, майгыннат. ☉ Сделать что-л. равным, одинаковым с чем-л., уравнивать в чём-л.; образно уподоблять, сравнивать кого-что-л. с чем-л.
Кыыс оҕону …… ханнык баҕарар омук күҥҥэ тэҥниир, сибэккигэ, кубаҕа, кыталыкка, күөрэгэйгэ холоон хоһуйар. Суорун Омоллоон
Киһини күндү тааска эбэтэр өстүөкүлэҕэ тэҥниир түктэри. Н. Лугинов
Ыстыыкка тэҥниирбит ырыаны Сэриилээх, буурҕалаах ыар дьылга... Баал Хабырыыс
[Настаа:] Аан бастаан дьахтар быраабын тэҥниэххэ, дьахтары үөрэтиэххэ. «ХС»
Ыйааһыны тэҥнииргэ ыйааһын атын чааскытыгар кыра киирэлэри уурарга тиийиллэр. ПАВ Ф-6
3. Тугу эмэ көннөрөн, дэхсилээн тэҥ ньуурдаах гына оҥор. ☉ Делать ровным, выравнивать, сглаживать что-л. Охсуох иннинэ хотууру, кылаанын тэҥнээри, хататтыыр ордук. ПАЕ ОСС
Оҥхойо, дьаамата суох буолар гына сири тэҥнээн бэриллиэхтээх. ЧМА МУХСҮү
♦ Атаҕын тэҥнээ көр атах
Бандьыыттары бэйэлэрин атахтарын тэҥниэххэ. Атаҕын тэҥнээбит көр атах. Кырдьыга, атаҕын тэҥниэх киһини сарсыҥҥытыгар луохтуур кэлэн өрүһүйдэ. Суорун Омоллоон
Киһитэ күнүскэ тиийбэккэ атаҕын тэҥнээбит. Далан. Сири кытта тэҥнээбит калька. — тугу эмэ туох да хаалбат гына имири эс, урусхаллаа, суох оҥор. ☉ Сровнять что-л. с землёй
Аҕал миэхэ тааҥката — Аҕал ыстаал хахайда — Сидьиҥ ньиэмэс кириэппэһин Сири кытта тэҥниэхпин! Күннүк Уурастыырап
[Римляннар] Коринф куораты урусхаллаан сири кытта тэҥнээбиттэрэ. КФП БАаДИ
◊ Тэҥнээн көрүү көр көрүү
Үгэҕэ тэҥнээн көрүү, кэпсэтии, сүөргү майгы, көр-күлүү үгүс буолааччы. ВГМ НСПТ
холоо (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, майгыннат. ☉ Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
Киһи оҕо сааһын сарсыардаҕа, ситэр сааһын күнүскэ (күөгэйэр күнүгэр), оттон кырдьыытын киэһэҕэ холууллар. Саха фольк. Дойдутугар тахсарыгар, уруккутугар холоон, мунду бөҕөнү сиэм диэн саныыра, хата, биир мунду баһын хампы ыстаабатаҕа. Н. Якутскай
Ээ, биһиги дьоммут тэллэйи аанньа билэ иликтэр, улахан аска холооботтор. Е. Неймохов
2. Тугу эмэ быһа холуйан, барыллаан кэмнээ, быһаар, холуй. ☉ Определять что-л. приблизительно, прикидывать
Хотону саамай улааттаҕына, икки сүүс ынахха холоон тутуоҕуҥ. В. Титов. Биирдэ сиэнэ ыйытта: «Эһээ, ити тоҕо балыккын мунньаҕын, бэйэбит эрэ тоторбутун холоон буһарыаххын?» КФА СБ
Убаҕаһы утах ханарынан холоон иһиэххэ наада. Дьиэ к.
3. Тугу эмэ тургутан көр, сибикилээ, билгэлээ. ☉ Пробовать, оценивать что-л. [Булчут хаары] Сөмүйэтинэн оймоото — Суоллара тоҥо илик, Билгэлээн көрдө, холоото — Сүүрэ туртар тус илин. Эллэй
[Ходоров] хайдахтаах да уустук бырайыагы маҥнай толкуйдаан, холоон, ыараҥнатан көрөн баран, бырайыак сүрүн оҥкулун начаас курдурҕаччы оҥорон кэбиһэр. Н. Лугинов
Омурҕанныы тохтуубун, Охсор сирбин холуубун. А. Бродников
♦ Кумаар да сиэбитигэр (ытырбытыгар) холообот көр кумаар
Икки саалаах кииртим. Биир куһаҕан булгу тутуунан үс төгүл ыттым даҕаны, кумаар да сиэбитигэр холообото. Багдарыын Сүлбэ
Өлөрү утуйарга холоо көр өл I. Дьон-норуот туһугар Эрэйин дьолго солбуйбута, Өлөрүн утуйарга холообута. С. Зверев
Күтүр дойду көлдьүнэ Аймаан-алдьатан баартын Ситиһэр иннигэр, Өлөрбүн даҕаны Утуйарга холуом! Суорун Омоллоон
Хоҥуруутугар <да> холообот (хоннорбот) көр хоҥуруу. [Лэкиэс:] Чэ, аныгы киһи санаата уларыйбыта, тугу да хоҥуруутугар холообот буолта сүрдээх. А. Софронов
«Кэһэйдин, тугу да хоҥуруутугар холообот», — Пуд Ильич сэтэриир. Далан
◊ Быһа холоон көр быһа I
Сахалыы добдугураччы ааҕара, нууччалыы даҕаны быһа холоон сурук ис хоһоонун син өйдүүрэ. Софр. Данилов
Утуйуон иннинэ эһэ көннөрү бириэмэтээҕэр быһа холоон үс төгүл элбэҕи аһыыр, түөрт уонтан тахса киилэ сыаны мунньунар. ЭБЭДьА. Хараҕынан холоо — тугу эмэ көрөҥҥүн барыллаан, быһа холуйан быһаар. ☉ соотв. определять что-л. на глаз
Кыһыахтаах чороонум быһыытынтутуутун барыллаан, илиибэр ылан, тэйитэ-тэйитэ харахпынан холоотум. Н. Борисов
Кыылы уонна хоруолугу иитэр научнай-чинчийэр институт сүбэтинэн хаһаайыстыба усулуобуйатыгар аһылык сыатын хараҕынан холуохха сөп. БЗИ СА. Холоон көр — кими, тугу эмэ тургутан көр, бэрэбиэркэлээ, боруобалаа. ☉ Пробовать, испытывать кого-что-л. [Оҕонньор:] Нойоон, төһө хоһууҥҥун, хапсаҕайгын уонна быһыйгын мин холоон көрүөм
Саха фольк. [Дьээбикин:] Бэртэр кэлбит буоллаххытына, тоҕус ох сиртэн туран ыта холоон көрүҥ. Н. Габышев
Дьоннор улахан күүстээх киһи кистэнэ сылдьар быһыылаах диэн уорбалаан, киһилэрин холоон көрөргө сүбэлэспиттэр. «Чолбон»