туохт.
1. Холобур аҕал, холобур курдук көрдөр, кэпсээ. ☉ Приводить пример, ставить в пример
Сэмэн Арамаанабыс, дьэ саамай сөпкө холобурдаан эттиҥ. Н. Лугинов
Итиннэ дэлэгээттэр элбэх итэҕэстэри холобурдаан көрдөрдүлэр. «Кыым»
Өссө атын түгэни холобурдуум. «Сахаада»
2. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, ханыылаа. ☉ Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
[Таатта] Куйа хочотун буобура кыыл Уорҕатын ньууругар холобурдуубун. Саха нар. ыр.
Якутский → Якутский
холобурдаа
Якутский → Русский
холобурдаа=
приводить пример; бу быраабыланы холобурдаа приведи пример на данное правило.
Еще переводы: