Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хайбараҥнаа

дьүһ. туохт. Самыыгын хамсатан түргэнник хаамп. Ходить быстро, вихляя бёдрами
Иванов быһа хайбараҥнаан, аа-дьуо бандьыыттар диэки хааман истэ. М. Доҕордуурап
Оҕонньор алааһын диэки хайбараҥныы турда. Н. Габышев
Быканов хайбараҥнаан, күөйэ-хаайа хааман, кимэн эрэр. Улдьаа Харалы


Еще переводы:

илбириҥнээ

илбириҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Икки өттүгэр хайбараҥнаан, эйэҥэлээн сүүр (уһун, иирсэн хаалбыт түүлээх ыт туһунан). Бежать, потряхивая длинной свалявшейся шерстью (о собаке)
Сиэрин эрэ ситэрэн ырдьыгынаабыта буола-буола, ыт кыбыылаах от диэки илбириҥниир. Амма Аччыгыйа
Илдьирийбит, тырыттыбыт таҥастаах сүүркөт, кэл-бар. Бегать туда-сюда, мельтешить в рваной одежде, лохмотьях
Хотоҥҥо уот тутан хоһулайда, Саах күрдьүһэн сарапаайданна, Илии атах буолан илбириҥнээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сайын илдьириискэни бүрүнэн сырсан илбириҥнэһэллэр. М. Шолохов (тылб.)