Якутские буквы:

Якутский → Якутский

халыкынас

I
халыкынаа диэнтэн холб. туһ. Ханна эрэ ыраах-ыраах хаастар саҥалара халыкынастылар. Н. Лугинов
Хаастар дөрүн-дөрүн кэпсээн эрэрдии холкутук халыкынаһан ылаллар. Тумарча
Хаастар халыкынаһан Халтаҥ туундараны толороллор. Улуро Адо (тылб.)
II
даҕ. Чуолкайа суох, түргэн, халыкыныыр (хаас саҥатын этэргэ). Гогочущий (о крике гусей)
Хаас курдук халыкынас Халааннаах саҥалаах Ханалдьыйан хаамар Хатын дьахтар. П. Ядрихинскай
Туруйа туруктуур хаһыыта, Хаас халыкынас саҥата, Кынат тыаһа Киһи барахсаны Сүрэҕин сүүдүтэн Сөҥөн хаалар. «ХС»


Еще переводы:

кылыкынас

кылыкынас (Якутский → Якутский)

I
кылыкынаа диэнтэн холб. туһ. Үөһэнэн лыглыйа хаастар халыҥ үөрдэрэ кылыкынаһа саҥарсан аастылар. И. Гоголев
Үрдүбэр хаастар кылыкынаһан кэллилэр. Р. Кулаковскай
Аллара баҕайынан элбэх үөрдээх хаастар кылыкынаһан аастылар. «ХС»
II
даҕ. Хаас саҥатын курдук халыкынас саҥалаах, тыастаах. Гнусавый или гортанный (голос)
Үрүйэ сүүрүгүттэн Үөскүүр курдук кылыкынас Саха дьикти кылыһаҕа. С. Тарасов
Истиэҥ эн манна Дьааҥылыы саҥаны, Дьааҥы кыргыттарын кылыкынас куоластарын. М. Ефимов. Кынат тыаһа, соһуйбут хаас кылыкынас саҥата сыыйа сүтэр. Түһүлгэҕэ т.