I
халыҥнаа диэнтэн холб. туһ. Улахан муорсалар ытан тиҥийбиттэригэр уу диэки халыҥнастылар. И. Федосеев
Хараҥа халлааммар эмиэ суһумнуу дьэргэстилэр Хантан күөдьүйэллэрэ биллибэт сырдык балаһалар, Хаһааҥҥы эмэтээҕи үйэлэр түгэхтэриттэн Халыҥнаһан кэлэ сатыыр илдьиттэр буолаайаллар? Улуро Адо (тылб.)
II
даҕ. Халыҥныы сылдьар, халыҥныыр. ☉ Мерно колыхающийся, колеблющийся
[Палач] уот кыһыл өҥнөөх киэҥ ырбаахыта, халыҥнас хара ыстаана кини онто да суох суон бэйэтин өссө сонотоллор. Софр. Данилов
Халыҥнас арыылаах хобордооххо сэлиэһинэй бурдук алаадьытын кырыытынан кыстаан остуолга аҕалла. «ХС»
Бары солото суохтар: орон оҥороллор, хомуоттан ыарахан, халыҥнас бырастыыналары хостууллар. В. Катаев (тылб.)
Якутский → Якутский
халыҥнас
Еще переводы: