Якутские буквы:

Якутский → Русский

харыстанньаҥ

1) бережливый, аккуратный; оҕо таҥаһыгар-сабыгар харыстанньаҥ баҕайы ребёнок бережёт свою одежду; 2) добрый, сердечный; харыстанньаҥ санаалаах мягкого нрава.

Якутский → Якутский

харыстанньаҥ

даҕ. Кичээҥи, кичэл. Бережливый, экономный
Туохха барытыгар харыстанньаҥ, ураты кичэм быһыытын иһин, үлэһиттэрэ Тобоҕолуур Тойон диэн хаадьылаан хос аат иҥэрэн кэбиспиттэрэ. Тумарча
Былыргы саха айылҕаны кытта алтыһан үөскээбит буолан мындыр, сэрэх, харыстанньаҥ. ЯВВ КЭКТ
Дьиэҕэ-уокка энергияны кэмчилии үөрэммит дьон үлэлиир сирдэригэр тиийэн эмиэ харыстанньаҥ буолаллар. «Кыым»


Еще переводы:

хорҕомнук

хорҕомнук (Якутский → Якутский)

хордук диэн курдук
Кинилэр [эдэр дьон] олус хорҕомнук, олус сиэдэрэйдик, кичээҥитэ-харыстанньаҥа суохтук тутталлар. «ХС»

кэччэй

кэччэй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кэччэгэй буол, харамсый. Скупиться, жадничать
[Аҕата уолугар] буспут сыалаах эти хаалаабыта. Лэппиэскэни, арыыны да кэччэйбэтэх. И. Гоголев
Олорбута, үлэлээбитэ сыратын кэччэйбэккэ, Эйиэнэ диэбэккэ, миэнэ диэбэккэ. Р. Баҕатаайыскай
Кыра эти биэриим, кэччэйэн буолбатах, кинини үс күн баайбытым, эмискэ элбэҕи аһыыра сатаммат. Т. Сметанин
Олох кэччэйбит киһитэ кыраҕа да дуоһуйар. Н. Заболоцкай
2. Тугу эмэни кэмчилээн туһан, харыстанньаҥ буол. Расходовать что-л. экономно, быть бережливым
Түөрт сүүс грамм хара килиэп хайдах да кэччэйбит иһин үс аһылыкка тиийбэккэ эрэйдиирэ. С. Никифоров
Ийэтэ тыаттан хаһан эмэ ыытар арыытын бэркэ кэччэйэн, тыҥыраҕар кэмнээн сиирэ. «ХС»
ср. монг. кэрчи ‘скупиться’