Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаспахтаах

1) имеющий рвы, ямы; с... рвами, с... ямами; 2) имеющий промоины; с... промоинами.


Еще переводы:

липпэрэҥ

липпэрэҥ (Якутский → Якутский)

түөлбэ., көр сиппэрэҥ
Кутуу суол бүппүтэ …… ону кытта күһүҥҥү липпэрэҥҥэ «Урал» массыыналар, «Белорустар» тоҕута сүүрэн кэбиспит оҥхойдоох-хаспахтаах суоллара. Далан
Мантан инньэ улам тымныйан барыа, күһүҥҥү липпэрэҥ кэлиэ, халлаан бороҥнуҥу ыстаал өҥнөнүө. «ХС»
Күһүҥҥү липпэрэҥҥэ массыыналар хайыта сүүрбэтэхтэринэ, …… аспаал курдук көнө суол кыһыны быһа килэрийэн туруо. «ХС»
ср. эвенк. либгэ ‘первый мокрый снег’

бэргэ

бэргэ (Якутский → Якутский)

аат. Эргэрбит, кытааппыт үтүөрэн биэрбэт искэн; мэлдьи ыалдьа сылдьар ситэ оспотох дириҥ баас чэрэ. Застарелая опухоль; след, рубец от глубокой раны (к-рый постоянно побаливает). Бэргэ буол
Таастыйан, кытаатан бэргэ буолан хаалбыт. ПЭК СЯЯ
Үөһээ үлүскэннээх халлааҥҥа илиэһэй бииһигэр баһылык буолбут илбистээх кырыа тыыннаах, бэлэһин төрдүгэр бэс кытыйа саҕа сиикэй бэргэ урдаах, уолуйан уһуктар Улуутуйар Улуу Суорун тойону кытта уруурҕастахха сөп буолсу. П. Ойуунускай
[Сабырыкы] эмин харыстаныытын кыайбакка, хаҥас таныытын аттынан үөһээ уоһугар түү мээчик саҕа эт бэргэлээх. Күннүк Уурастыырап
Эт бэргэ харах — кытаран көстөр үрүҥнээх, уу-хаар баспыт, чэмэлкэйэ суох харах (үксүгэр ойуун, олоҥхо абааһыларын ойуулуурга тут-лар). Красноватые, воспаленные глаза (в олонхо: обычно о глазах шаманов, злых духов и племени абаасы)
Хайа хайдыбытын курдук хаспахтаах Хааннаах сиикэй эт бэргэ хараҕынан Буспатах мунду миинин курдук Буордааҕынан бурулуччу көрөн кэбистэ. П. Ойуунускай
[Дүҥүр] ыҥыртыыра эт бэргэ Харахтаах абааһылары Иһиллэрэ энэлгэн Ыалдьыттаабыт ыалын аайы. И. Гоголев