застарелая опухоль; след, рубец от глубокой травмы (кот-рый постоянно побаливает).
Якутский → Русский
бэргэ
Якутский → Якутский
бэргэ
аат. Эргэрбит, кытааппыт үтүөрэн биэрбэт искэн; мэлдьи ыалдьа сылдьар ситэ оспотох дириҥ баас чэрэ. ☉ Застарелая опухоль; след, рубец от глубокой раны (к-рый постоянно побаливает). Бэргэ буол
□ Таастыйан, кытаатан бэргэ буолан хаалбыт. ПЭК СЯЯ
Үөһээ үлүскэннээх халлааҥҥа илиэһэй бииһигэр баһылык буолбут илбистээх кырыа тыыннаах, бэлэһин төрдүгэр бэс кытыйа саҕа сиикэй бэргэ урдаах, уолуйан уһуктар Улуутуйар Улуу Суорун тойону кытта уруурҕастахха сөп буолсу. П. Ойуунускай
[Сабырыкы] эмин харыстаныытын кыайбакка, хаҥас таныытын аттынан үөһээ уоһугар түү мээчик саҕа эт бэргэлээх. Күннүк Уурастыырап
◊ Эт бэргэ харах — кытаран көстөр үрүҥнээх, уу-хаар баспыт, чэмэлкэйэ суох харах (үксүгэр ойуун, олоҥхо абааһыларын ойуулуурга тут-лар). ☉ Красноватые, воспаленные глаза (в олонхо: обычно о глазах шаманов, злых духов и племени абаасы)
Хайа хайдыбытын курдук хаспахтаах Хааннаах сиикэй эт бэргэ хараҕынан Буспатах мунду миинин курдук Буордааҕынан бурулуччу көрөн кэбистэ. П. Ойуунускай
[Дүҥүр] ыҥыртыыра эт бэргэ Харахтаах абааһылары Иһиллэрэ энэлгэн Ыалдьыттаабыт ыалын аайы. И. Гоголев
Еще переводы: