Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хатаахтаа

хат I диэнтэн атаах.-аччат. Эттээх бэйэм Эрийэ хатаахтаан, Куҥнаах бэйэм Кумуйа хатаахтаан Тоҥхойо кырдьан [Олоробун]. Саха нар. ыр. II
Оо, [Өкүүчэ] Харыаннаах, бу муҥнаах иинэ-сүтэ хатаахтаан Хас күҥҥэ-ыйга тийиэҕэй? С. Васильев


Еще переводы:

кумуй

кумуй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Илиигин-атаххын хомунан, түүрүллэн, нүксүччү тутун. Поджиматься, съеживаться, сжиматься всем телом
Куҥнаах бэйэм Кумуйа хатаахтаан, Тоҥхойо кырдьан олорон Толкуйдаан көрөбүн. Саха нар. ыр. II
Ньырбачаан көрүөхтэрэ диэбиттии куттанан кумуйуоҕунан кумунан баран, тыытын түгэҕэр өр сыппыта. Далан
Кумуйа туттубут кырдьаҕас ийэтэ. С. Васильев
2. Тугу эмэ хомуйа тут, биир сиргэ чөмөхтөө. Убирать, собирать что-л., сложить в кучу
Аҕалара уотун сөргүтэн биэрдэ, уһаты-туора ууруллубут амынньыардары кумуйа аста. А. Данилов
ср. халх., бур. хуми ‘скатывать (в трубку); сжиматься’