Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаҥсый=

говорить в нос, гнусавить; ср. хаҥынай = 1.

Якутский → Английский

хаҥсый=

v. to snuffle, speak through the nose; хаҥсыа a. snuffling, stuffy-nosed

Якутский → Якутский

хаҥсый

туохт. Муннугунан чуолкайа суохтук саҥар, хоҥсуолаа. ☉ Говорить невнятно в нос, гнусавить.
ср. монг. ганших ‘визжать (о собаке)’


Еще переводы:

хаҥынай=

хаҥынай= (Якутский → Русский)

1) невнятно говорить в нос, гнусавить; ср. хаҥсый =; 2) гоготать (о гусях).

чинчийтэр

чинчийтэр (Якутский → Якутский)

чинчий диэнтэн дьаһ
туһ. «Ойууну киллэрэн өссө үчүгэйдик чинчийтэриэххэ баар!» — диэн сомуон саҥа кинээһэ кэҥэриитинэн хаҥсыйбыта. Эрилик Эристиин

хаҕынай

хаҕынай (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Муннугунан саҥар, хаҥсый. ☉ Быть гугнивым, гнусавить, гундосить
«Хагдаҥ от эрэ хаалла», — дии-дии Сөдүөт хаҕынайар. И. Бочкарёв
2. Кыыһыран муннуҥ анныгар хаҥсыйан саҥар. ☉ Сердито бурчать себе под нос, ворчать (о гнусавом человеке)
Киэһэни быһа киҥинэйэр, Түүнү быһа түтүгүрүүр, Хараҥаны быһа хаҕынайар. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Огдооччуйа:] Чэ, чэ, олус хаҕынайыма. Н. Неустроев
ср. п.-монг. хаҥгина ‘звучать, шуметь’

хоҥсуолаа

хоҥсуолаа (Якутский → Якутский)

туохт. Муннугунан хаҥсыйан саҥар. ☉ Гнусавить
[Кинээс] эмээхсин диэки көрбөккө, көлүйэ диэки олоотуу-олоотуу хоҥсуолаата. И. Гоголев
Кэнники тылларын кини дьиппинитэ-дьиппинитэ, хоҥсуолуу былаастаан этэн баран, «ураа» диэбитинэн илиитин өрө уунна. П. Филиппов

хоҥсуо

хоҥсуо (Якутский → Якутский)

даҕ. Муннунан хаҥсыйан саҥарар. ☉ Гнусавый
Сүөдэр Бэһиэлэйэп Дабыыт уолунуун, хоҥсуо Сэмэн оҕонньордуун аттанан-атыырданан тиийэн кэллэ. Амма Аччыгыйа
Кинилэртэн биирдэстэрэ баһылыктыыра чахчы көстөрө. Ол хоҥсуо Матька этэ, ыысараҕас, кимиттэҕэс хоҥуруулаах, муннунан саҥарар киһи. А. Куприн (тылб.)
ср. туркм. геҥсев ‘гнусавый’, бур. гоншоо ‘гнусавый’