Якутские буквы:

Якутский → Русский

хобордоох

сковорода; алаадьылыыр хобордоох сковорода для выпечки оладий # хобордоох салааччы лизоблюд.

Якутский → Якутский

хобордоох

аат. Арыыга, сыаҕа ас буһарарга аналлаах төгүрүк нэлэгэр чугуун эбэтэр ылтаһын иһит. ☉ Сковорода
Хобордооххо алаадьы буһан сырылыыр. Л. Попов
Тутаахтаах хобордооххо дьорохой сыалаах оһоҕоһун сырдьыгынаталлар. КФА СБ
Халыҥ хаарынан бүрүллэ сытар, киэҥ, хобордоох курдук төгүрүк Сыырдаах алааһы эргийэн, Балаҕаннаахха тиийдэ. «ХС»
♦ Итии хобордоох үрдүгэр (хобордооххо) олордор көр итии
[Улусова:] Чэ, оҕобут, балтыбыт, кэллэ-кэлээт, итии хобордоох үрдүгэр олордон түһэҥҥин, сүгүн да үлэлэтиэ суоххун. Р. Баҕатаайыскай
Мунньахха кэлбит дьон бары, тимир-тамыр курдук көрөллөр, тыллара-өстөрө, итии хобордоох үрдүгэр олордон, сытыырхайбыта сүрдээх. П. Аввакумов
Хобуоччу хобор- доох, сарыы таҥалай көр таҥалай I. [Манчаары:] Сахалар барылара хобуоччу хобордоох, сарыы таҥалай буолбатахтар! И. Гоголев


Еще переводы:

сковорода

сковорода (Русский → Якутский)

сущ
хобордоох

сковорода,

сковорода, (Русский → Якутский)

сковородка ж. хобордоох.

ньиккэрит

ньиккэрит (Якутский → Якутский)

ньиккэрий диэнтэн дьаһ. туһ. Хобордоохторун аалан ньиккэриттилэр

тэспэхтээ

тэспэхтээ (Якутский → Якутский)

тэс I диэнтэн тиэт. көрүҥ. Түргэнник сымыыттары тэспэхтээн хобордооххо кутуталаата

бэлтэс

бэлтэс (Якутский → Якутский)

бэлтэй диэнтэн холб. туһ. Хобордооххо хас да улахан алаадьы бэлтэһэн сытар. Н. Босиков

табынатылын

табынатылын (Якутский → Якутский)

табынат диэнтэн атын
туһ. Арыы оҕунуохтаах хобордооххо мээккэ суухараны табынатыллар, ол үрдүгэр хааһыны кутуллар, онтон духуопкаҕа уган буһарыллар. ДьБ

лабырык

лабырык (Якутский → Якутский)

көр лабарай
Ынах төрөөн, уоһах лабырык алаадьытын хобордооххо бырдьыгынатар. Д. Очинскай
Бүлүү оройуоннарыгар маннык алаадьыны [уоһах алаадьытын] лабырык диэн ааттыыллар. ТИИ ЭОСА

нэдиэлэтээҕи

нэдиэлэтээҕи (Якутский → Якутский)

даҕ. Нэдиэлэ иһинэн, нэдиэлэ устата. ☉ Недельный
Нэдиэлэтээҕи үлэ.  Болуотунньук Дьөгүөрдээххэ ыһыгынан олорбутум. Ыһыгым биир хобордоох лэппиэскэ, …… куобах этэ, биир орто ыаҕайа чохоон. Ити нэдиэлэтээҕи аһылыгым. «ХС»

соркуойдаа

соркуойдаа (Якутский → Якутский)

туохт. Аһы бэйэтин сүмэтигэр уонна арыыга ыһаарылаа. ☉ Жарить
Эт соркуойдаан, чэй истибит. Н. Абыйчанин
Эриэппэ луугу кытта тэллэй атаҕын кырбаан туспа хобордооххо соркуойдууллар. УГС ССКОТ

нажарил

нажарил (Русский → Якутский)

гл,сов
ыһаарылаата, соркуойдаата; буһарда (үөлэн, хобордооххо)