сковорода; алаадьылыыр хобордоох сковорода для выпечки оладий # хобордоох салааччы лизоблюд.
Якутский → Русский
хобордоох
Якутский → Якутский
хобордоохтон
туохт. Хобордоохтоох буол; хобордоохто тут. ☉ Заиметь сковороду; взять в руку сковороду, вооружиться сковородой
Дьахталлар диэн киһи ылбычча өйдүү охсубат дьоно. Мүччүргэннээх түгэҥҥэ кэргэнин көмүскэһэн хобордоохтоммута сүрдээх этэ. У. Ойуур
хобордоох
аат. Арыыга, сыаҕа ас буһарарга аналлаах төгүрүк нэлэгэр чугуун эбэтэр ылтаһын иһит. ☉ Сковорода
Хобордооххо алаадьы буһан сырылыыр. Л. Попов
Тутаахтаах хобордооххо дьорохой сыалаах оһоҕоһун сырдьыгынаталлар. КФА СБ
Халыҥ хаарынан бүрүллэ сытар, киэҥ, хобордоох курдук төгүрүк Сыырдаах алааһы эргийэн, Балаҕаннаахха тиийдэ. «ХС»
♦ Итии хобордоох үрдүгэр (хобордооххо) олордор көр итии
[Улусова:] Чэ, оҕобут, балтыбыт, кэллэ-кэлээт, итии хобордоох үрдүгэр олордон түһэҥҥин, сүгүн да үлэлэтиэ суоххун. Р. Баҕатаайыскай
Мунньахха кэлбит дьон бары, тимир-тамыр курдук көрөллөр, тыллара-өстөрө, итии хобордоох үрдүгэр олордон, сытыырхайбыта сүрдээх. П. Аввакумов
Хобуоччу хобор- доох, сарыы таҥалай көр таҥалай I. [Манчаары:] Сахалар барылара хобуоччу хобордоох, сарыы таҥалай буолбатахтар! И. Гоголев
Еще переводы: