1) незначительный; бааһыҥ хобул эбит рана у тебя, оказывается, пустяковая; сыаната хобул цена незначительная; 2) тесный; хобул дьиэ тесный дом.
Якутский → Русский
хобул
Якутский → Якутский
хобул
даҕ., кэпс.
1. Кыараҕас, дьоҕус (туох эмэ тутуу туһунан). ☉ Узкий, тесный (о помещениях)
Үргүлдьү өтөхтөөх, Тилиһэ тиэргэннээх, Булкуһа буруолаах, Хобул хотонноох, Биир миҥэлээх …… Уолан киһи баар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бэйэтэ да бэрт хобул, кэтэх өттүгэр эрэ биир быыкаайык хостоох, аата эрэ кулууп дьиэтэ этэ. Г. Колесов
2. Аҕыйах, кыра, дуона суох. ☉ Незначительный, малый, небольшой (по количеству, объёму)
Хас да ый сылдьыбыт киһи диэтэххэ хобул табаардаах киһи буолла — кыра чэй, табаах, саахар, аҕыйах арсыын сиидэс. Болот Боотур
Дьиҥэр да Иван Павлов үлэтэ да хобул, дуоһунаһа да тутах эбит. «Кыым»
Мөрүөн Бөтүрүөбүс хас сыл ахсын оҕуруотугар хортуоппуй олордон тиритэр-хорутар да, үүнүүтэ хобул буолан хомотор. Күрүлгэн
Еще переводы:
хомул (Якутский → Якутский)
көр хобул
Хомул үп эбит, саа-саадах атыылаһыах диэтэххэ. Болот Боотур
Оччотооҕу саҥа ыаллар барыларыгар курдук, бу эмиэ хомул маллаах чэпчэки таһаҕастаах дьон. «ХС»
лос гын (Якутский → Якутский)
биирдэм тыас туохт. Кыра соҕус кытаанах эттик атын эттиккэ охсуллар тыаһын таһаар. ☉ Производить стук, ударяя чем-л. твёрдым небольшого размера о твёрдый предмет (напр., каблуками друг о друга)
Ньуоскатын остуолга лос гына уурда. А. Фёдоров
Ньиэмэс хобулугун хобулугар лос гыннарда. К. Симонов (тылб.)
[Маркани] чааскытын лаҕыы иннигэр лос гына уурда. П. Ламутскай (тылб.)
молтоҕор (Якутский → Якутский)
даҕ. Молтойон тахсыбыт толору иэдэстээх, кыра сыҥаахтаах. ☉ С круглыми, полными, выступающими вперёд щеками, коротким косым подбородком
Испиирэ уонна Ваня Акакиев диэн модьу-таҕа көрүҥнээх, дьаабылыка курдук молтоҕор кыһыл сирэйдээх табаһыт уол …… ырыаны тардан кэбистилэр. С. Руфов
Молтоҕор сирэйдээх, хапхаранан сытыытык көрбүт …… саллаат строевой хаамыынан лиһиргэйдээн кэлэн, хобулугун хобулугар охсуһуннаран лас гыннарда. И. Данилов
такыс гын (Якутский → Якутский)
такый диэнтэн көстө түһүү. [Өндөрөй оҕонньор] атах сыгынньах, суккуунун саба бүрүнэн баран, таһырдьа такыс гынан хаалла. П. Ойуунускай
Хаҥас илиигин уунан баран бэйэҥ диэки такыс гын даа …… били кыыс дьахтар эйигин, тус бэйэҥ күлүгүҥ курдук, батыһа сылдьыахтаах. Н. Павлов
[Байыаннай быраас] дьалкылдьыччы соҕус хааман киирэн, хобулугун хобулугар лас гыннаран баран, дьалайбатах курдук илиитин аҕалан бэргэһэтигэр такыс гыннарда. К. Симонов (тылб.)
истээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Иһэ улахан, киһи хараҕар быраҕыллар (киһи, сүөһү, кыыл). ☉ Пузатый
Нары-нанаҕар ынайбыт истээх …… абааһы кыыһыгар боһуоннаах дьахтар дуомата кууһа түстэ... П. Ойуунускай
Тэйгэгэр истээх күрүҥ ынахтарын Лэглээриннэр бургунастара сиэлийэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Ыадаҕар истээх, бөдөҥ-садаҥ киһи, соһуйбут омунугар, уостара оппойон хааллылар. Н. Заболоцкай
2. Иһигэр элбэҕи киллэрэр (хол., иһит). ☉ Вместительный (напр., сосуд, резервуар)
Үүт омуһаҕа хастар, хатыҥынан хаһыы мааччах оҥостор, биирдии буут истээх үс улахан туос ыаҕаһы тиктэрэр. Н. Неустроев
Киһи аайы үстүү көрүҥ араас истээх үрүүмкэлэри, фужердары туруордулар. Н. Лугинов
Дьэ аны истээх бэрэмэдэйигэр уолчааны уга илигинэ эргиллибэт гына кытаанах санааланан, иннин диэки түһүнэн кэбистэ. В. Гаврильева
△ Киэҥ киэлилээх. ☉ Объемистый, широкий
Уонча дьиэ, лааппы, биир «чайнай» Олорчу батар истээх. Дьуон Дьаҥылы
3. Киһи кэтэр таҥаһын иһинэн хос тигэн оҥоһуллар (туох эмэ). ☉ Подшитый с изнанки, подбитый (напр., мехом - об одежде)
Чурумчуку бэйэтэ Чубуку бэргэһэлэннэ, Тугут истээх соннонно. Эллэй
Иккиэн быстыспакка туох баар таҥастарын таҥнан баран, Шейдман атыыһыт саарба истээх тулуубун сөрүү туттан, оргууй нолурдаһан тахсар этилэр. Эрилик Эристиин
Куобах истээх сарыы үтүлүктэрэ кытта толору хаар буолан, ирэн, кытыылара чопчулаһа тоҥон бардылар. Н. Заболоцкай
Семенов буобура саҕалаах саһыл истээх сонун нэлэкэйдээбит. М. Доҕордуурап
△ Тымныы киирбэт гына оҥоһуллубут, ичигэс. ☉ Утепленный, на теплой подкладке
Үрдүк остоох истээх бачыыҥкатын хобулугар тирэнэн, уҥа-хаҥас эргичийбэхтээн ылла. Софр. Данилов
Өссө да истээх сон кэтэбит. Күннүк Уурастыырап
Истээх кээнчэ ип-итиинэн, сып-сылааһынан ыга тутта. Н. Заболоцкай
Сөтүөлүүр бэйэм истээх сонноох Тымныы тыал утары турдум. Дьуон Дьаҥылы
♦ Истээх сон истиҥ эҥээрэ буоллаҕа түөлбэ., үгэрг. - улахан баҕайы буоллаҕай, холоону да харыстаһаҕын (туһата суоҕу бүөбэйдэһэри этэллэр). ☉ Было бы с чем так носиться (букв. точно передняя внутренняя пола меховой шубы - говорят с иронией, когда кто-л. слишком бережно относится к чему-л. незначительному)
Иһэ истээх көр ис IV. Таһыттан көрдөххө талбыт курдук буолан баран, иһэ истээх ээ, бадаҕа. А. Софронов
Ити эрээри, билигин өйдөөтөххө, иһэ истээх кэпсэтии тахсыбыта. Н. Лугинов
Кэккэлэһэн олорон кэпсэтэллэрэ баата суох, оттон илииттэн тутуһарга тиийбит буоллахтарына, иһэ истээх дьыала буолуохтаах. Д. Таас
буруо (Якутский → Якутский)
аат.
1. Умайыыттан үөскүүр күл, чох о. д. а. булкаастаах өрө көтөн тахсар ыыс, чаан. ☉ Дым, чад
Тиэргэннэргэ түптэ иитэн, Торҕо буруо унаарыйда. Күннүк Уурастыырап. Табах хойуу буруота, көмүлүөк оһох тардан, долгуннаан устар. М. Доҕордуурап
2. эргэр. Ыал, дьиэ кэргэн, туспа хаһаайыстыба. ☉ Семья, отдельное хозяйство
Мэкчиргэ аҕатын ууһун сүүрбэ биэс буруо (сэттэ уон биэс дууһа) дьону арааран туспа Төлөй нэһилиэгэ оҥороллор. Саха сэһ. II
Нэһилиэк баайдара, сэниэ ыаллара, баара эрэ сүүрбэттэн тахса буруо, сэттэ сүүсчэкэ күрүө сири апчарыйан олороллор. М. Доҕордуурап
Ити аата Өлүөнэ биэрэгэр эбилиннэ биир буруо. Т. Сметанин
ср. тюрк. пур, бур ‘зола’
♦ Булкуһа буруолаах — ыкса ыаллыы олорор. ☉ Ближайший сосед
Үргүлдьү өтөхтөөх, Тилиһэ тиэргэннээх, Булкуһа буруолаах, Хобул хотонноох, Биир миҥэлээх …… уолан киһи баар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Буруота быһынна көр буруота сүттэ. Сорох ыаллар имири быстаннар, алаһа дьиэлэрэ сабыллыбыт, аал уоттара умуллубут, уһун буруолара быстыбыт. П. Ойуунускай
Алаһа дьиэҕит аана оҥойдун, түннүгэ дьөлүннүн, унаар буруоҕут быһыннын! Н. Якутскай
Ыт Тииһэ Былатыан обургу, төһө өр маннык арҕаспытыгар көҥүл күөдэлгэхтээн, хас ыал буруотун быһаҕын? «ХС». Буруота сабылынна — туспа ыал буолар тэрээһини кыайбакка, ыал аатыттан ааста (ыал устун барда). ☉ Потерять возможность самостоятельного существования в качестве отдельного хозяйства
[Мукуйук:] Тымныы түстэҕинэ, таһырдьа быгыа суох буолбут дьоммут... Буруобут сабыллыыһы. Күндэ
Оннугар киһи булан баран барыаҕыҥ, мин буруом сабыллыа дуо? А. Сыромятникова
Бугул да оту Муостаахпар тиэйбэт, Буруобун сабар буоллуҥ ээ, нохоо? Эллэй. Тарабукиннар буруолара сабыллара тирээн кэлбитэ. И. Бочкарев. Буруота сүттэ — бары өлөн, утумнуур, ыал буолар ыччата суох буолан, имниин эстэн хаалла. ☉ Умирать, скончаться последним из семьи, не оставив потомства (букв. дым его исчез)
Биир баар эрэ ыалбыт, доҕорбут буруота сүттэҕэ ити. Бу күн кини аатынан аһаан-сиэн бүтүөхпүт буоллаҕа. Эрилик Эристиин
Этэҥҥэ сылдьан, кини оҕолоох-уруулаах дьахтар буолара буоллар, биһиги ийэбит ууһа быстыа суох этэ, оттон кини киһи буолбатаҕына, бары имниин быстабыт, буруобут сүтэр. Суорун Омоллоон
Буруота умулунна көр буруота сабылынна. Буруота умулуннаҕа, Өтөхпүт сүттэҕэ! Тэҥнээх сэтигэр киирдэхпит, Холоонноох хоһуутугар холбостохпут. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сураҕа түҥүрүгэр Өндүрүйээҥҥэ биэрбит үһү. Бэйэбин, тулаайахтарбын буора суох ыһан, буруобут умуллан, кумалааҥҥа барар күммүт кэллэ. М. Доҕордуурап. Буруотун умуруор — ыал аатыттан ааһар, туспа ыал буолар кыахтарын быс, эс. ☉ Прекращать чье-л. существование в качестве самостоятельного хозяйства (старинное выражение — обычно о шаманах). [Кыһыл Ойуун:] Оруос Баай суон буруотун Умуруорар оҥоһуулаахпын; Өлбөт үрдүк өрөгөйүн Өлөрөр үрдүк ыйаахтаахпын, Мин үөскүүр үйэ кынатабын, Мин тимир үйэ хахайабын... П. Ойуунускай. <Туспа> буруо таһаар — туспа бэйэтэ дьаһанан олорор ыал, дьиэ кэргэн буол. ☉ Быть, стать самостоятельным хозяином, самостоятельной семьей
Кырдьаҕастар бу Байбал баҕайы киһи-хара буолан эһэтин өтөҕөр дьиэ-уот туттан, буруо таһааран олордоҕо диэхтэрэ. Күндэ
Аҕаайы баай удьуора, Баҕарыынньа баай сиэнэ, Кубаҕай быыпсай уола Тэрэнтэй кинээс, тиэргэн тэринэн, дьиэ туттан, буруо таһааран олорор. Болот Боотур
Баабыйдар быйыл да үлэ бөҕөнү үлэлээн, Ньукулайы суохтаппакка бэрт баҕайытык кыстыктарын булан, нусхас бур-бур буруо таһааран олороллор. Р. Кулаковскай
Эһэтэ Дэгэйэр Көстөкүүн ыт мунна баппат ыркый ойуурун солоон, кыстык угун саҕа балаҕан туттан, буруо таһааран, ыал буолан олорбута. С. Никифоров