Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ходьороҥноо

ходьоруй диэнтэн б
тэҥ көстүү. Киһитэ, өрө ходьороҥноот, саатын туора элиттэ уонна быластаммытынан тиэрэ барда. Болот Боотур
Соноҕос сиргэнэн өрүтэ ходьороҥноото. И. Гоголев
Джаз муусука кулгааҕы дөйүтэр ньиргиэригэр ходьороҥноон үҥкүүлүүллэрэ. И. Гоголев


Еще переводы:

ходьороҥнот

ходьороҥнот (Якутский → Якутский)

ходьороҥноо диэнтэн дьаһ
туһ. Кунаммын быһыта биэртэлээн Ходьороҥното сиэллэрдим. К. Туйаарыскай

ходьороҥнос

ходьороҥнос (Якутский → Якутский)

ходьороҥноо диэнтэн холб. туһ. Куриль тиэрэ мэтэрийэ-мэтэрийэ алларастаан барда, көлүллэн иһэр табалар соһуйан ходьороҥноһо түстүлэр. Доҕордоһуу т.

хантарыҥнаа

хантарыҥнаа (Якутский → Якутский)

хантарый диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Холбонон турар Тумара Улаанчыга [ат аата] сиргэнэн өрө хантарыҥнаата. Болот Боотур
Ааттаах ат хантарыҥнаата, өрө тураары ходьороҥноото. «ХС»
Тыы тумса өрө хантарыҥныыр. Н. Заболоцкай

эйэҥэлээ

эйэҥэлээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Биэтэҥнии хачайдан; хачайдана сылдьар курдук буолан көһүн. Качаться, раскачиваться; подрагивать. Ытарҕалара эйэҥэлииллэр
Коковин соһуйбута буолан ходьох гыммыта, чаһытын көмүс быата эйэҥэлии түстэ. Болот Боотур
Ата бурдугу сиксийэн эрэрдии эйэҥэлиир, айаннаан ходьороҥнуур. Н. Якутскай
Тайахтаах, нэһиилэ хааман эйэҥэлээбит, аҕылаан бөтүөхтээбит Земницкэй кэлэр. В. Протодьяконов
2. Биир кэм тохтоло суох илин-кэлин түс (хол., ыты этэргэ). Вилять хвостом, ласкаться к кому-л. (о собаке)
Күөрт ыт бу иччим ханна эрэ барда эбээт диэн, үөрбүттүү, кутуругун тиэрэ туттан эйэҥэлээтэ. Күндэ
Моойторук, хойуу кутуругун күөрэччи көтөҕөн баран, булчуттар хааман иһэр ыллыктарын туора-таары сүүрэн эйэҥэлиир. Л. Попов
Моойторук, иччитэ бултуу барарын билэн, илин-кэлин түһэн эйэҥэлиир. С. Никифоров