Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ходьоруй

дьүһ. туохт. Мөхсөн өрө кэдэриҥнии, өгдөрөҥнүү түс, титирэстээ; хорой, өрүтэ мөҕүс. Дёрнуться, вздрогнуть (о человеке); отпрянуть (о лошади)
Ат соһуйан туора ходьоруйда. И. Гоголев
Урядник кириэһилэтигэр өрө ходьоруйа түстэ. А. Куприн (тылб.)


Еще переводы:

ходьоруйбахтаа

ходьоруйбахтаа (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Хотун дьахтар …… мэтэрийэ-мэтэрийэ өрүтэ ходьоруйбахтаата. И. Гоголев

ходьоруйталаа

ходьоруйталаа (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн төхт
көрүҥ. Ата …… аа-дьуо хааман иһэн, эмискэ икки кулгааҕын чөрбөтөн, уһуутаан кэбиһэ-кэбиһэ өрө ходьоруйталаабыта. Дьүөгэ Ааныстыырап

ходьорус гын

ходьорус гын (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн көстө түһүү. Ноолур уола Хоноһо, эһэни көрбүт сылгылыы, ходьорус гынна. И. Гоголев
Ат ходьорус гынна. П. Филиппов

ходьорус

ходьорус (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн холб. туһ. Балай эмэ буолан баран, мас хаахыныыра иһиллэр
Оҕолор өрө ходьоруһа түһэллэр. Күндэ
Хобуоччулар хобугунастылар, Хостон хоско ходьорустулар. С. Тимофеев

ходьороҥноо

ходьороҥноо (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн б
тэҥ көстүү. Киһитэ, өрө ходьороҥноот, саатын туора элиттэ уонна быластаммытынан тиэрэ барда. Болот Боотур
Соноҕос сиргэнэн өрүтэ ходьороҥноото. И. Гоголев
Джаз муусука кулгааҕы дөйүтэр ньиргиэригэр ходьороҥноон үҥкүүлүүллэрэ. И. Гоголев

ходьорут

ходьорут (Якутский → Якутский)

ходьоруй диэнтэн дьаһ
туһ. Доҕорум ол курдук туора киһи анала буолан [атынан] ходьорута турбутун көрүөхпэр ыарахан да этэ. Эрилик Эристиин
Кыра отун чөкөтөн Кыбыытыгар таһаара, Хонук маһын тыаттан Ходьорутан киллэрэ, Бөтүөн ууну бастара Бүтүн сүүһүнэн ат күүстээх …… Тыраахтары көлүйүөхтээх. С. Тимофеев