туохт.
1. Ордук хойуу буол, убаҕас быһыыгыттан уларыйан, халыйбат мөлбөркөй буол. ☉ Становиться густым, сгущаться, загустевать
Арыгыһыт хаана пааста курдук мустар, хойдор. ПНИ ЭД
Минньигэс оттоох алааска мэччийэр ынахтар үүттэрэ элбиир, хойдор кэмэ. «Чолбон»
Хойуннаҕына уонна үрдэ саһардаҕына саламаат буспутунан ааҕыллар. Дьиэ к.
2. Элбээ-үксээ, дэлэй. ☉ Увеличиваться, умножаться, возрастать в количестве
Куорат уһуктан, уулуссаҕа кэлиибарыы хойдубут. Е. Неймохов
Ынах көстүбэтэ, хата, ол оннугар, тэйэн истэхтэрин аайы, сугун хойдон истэ. Н. Заболоцкай
Киэһэнэн арыый сөрүүдүйбүт курдук буолла да, хата бырдах өссө эбии хойунна. С. Маисов
Кыһын сулустар хойуннахтарына, тымныы буолар. ВСС ППУОЯ
3. Элбээн ордук чугас-чугас, симэ, хойуу буола үүн (хол., ойуур маһын, түүнү этэргэ). ☉ Становиться густым, расти гуще (напр., о лесе, шерсти)
Чүөчээски …… түргэтээн барар. Суох, тыата бүппэт, хата, эбии хойдон, бөдөҥсүйэн иһэр. Суорун Омоллоон
Тыа мутукчата ситэн, хойдон, айылҕа күөх унаарынан киэркэйбит. Амма Аччыгыйа
Бытыгы хоруйдахха хойдор куолута. М. Доҕордуурап
Саас отууга турар сүөһү түүтэ ырааһырар, хойдор. АГГ АҮЭЭЭ
4. көсп. Олус хойуу буолан көһүн (салгыны, буруону, былыты этэргэ). ☉ Становиться, казаться более насыщенным, густым, плотным, сгущаться (о воздухе, дыме, облаках)
Уот күүһүрэн, буруо хойдон, халлаан диэки туруору тахсан, унаара түстэ. Суорун Омоллоон
Мииккэ үөһэ хантайан көрбүтэ — былыт хойдон эрэр. П. Аввакумов
Тымныытын омунугар, салгын хойдубукка дылы буолла, хайдах эрэ киһи бөтүччү тыынар. Н. Апросимов
Туман икки-үс хаамыы иннигэр тугу да көрдөрбөккө ыга ситимнэһэ, тааһыра хойдон, дөйүөрэн турар. «ХС»
△ Күүскэ биллэр буол (сыты этэргэ). ☉ Становиться более густым, резким, усиливаться (о запахе)
Дьэдьэн, киис тиҥилэх, бэс сыта Салгыҥҥа хойдо тунуйар. С. Данилов
Күнүскү ириэһиҥҥэ дэриэбинэҕэ араас сыт-сымар хойдоро. Арҕааттан тыалга бары сыты баһыйан, хотон сыта саба охсоро. Далан
5. көсп. Элбээн, эбиллэн, күүһүрэн, улаатан ис, улаханнык иһиллэр буол. ☉ Становиться громче, усиливаться
Саҥа улам хойдон, күүһүрэн, дьахтардаах эр киһи этиһиитэ буолан барда. Амма Аччыгыйа
Киһи сүрүн-кутун баттыыр ыарахан чуумпу хойуннар хойдон истэ. Л. Попов
Дьиэлээхтэр дьоро киэһэ үүммүтүттэн үөрэн, сэһэн-тэппэн хойдор. Хомус Уйбаан
Үһүгэр барбыт уолчаан саҥата хойдон, тыла-өһө эбиллэн, ардыгар киһи күлүөх курдук ыйыталаһан муннукка ыгаары хаайар. Огдо
♦ <Буутун этэ буспут,> холун этэ хойдубут — сааһын туолбут, сиппит-хоппут, күүһэ-уоҕа киирбит (уол оҕону этэргэ). ☉ Достигнуть зрелости, физически окрепнуть, возмужать (о юноше; букв. мышцы его ног созрели, мышцы его рук окрепли)
Буутун этэ бустаҕына, холун этэ хойуннаҕына былыргы мин саҕа бухатыыр буолсу. Эрилик Эристиин
Сэттэ-уон сааһыгар оҕо уҥуоҕа өссө да кытаата, холун этэ хойдо илик буолааччы. «Кыым». [Аҕата — уолугар:] Өскө буутуҥ этэ буспута, холуҥ этэ хойдубута, бүлтэһиҥ бөҕөргөөбүтэ эбитэ буоллар, барыаххын син этэ
эвен. фольк. Киҥэ-наара хойдор — хаана буһар (хойдор) диэн курдук (көр хаан I)
Киҥкиниир киэҥ халлаан тугун Киҥэ-наара хойдубутай, Саккырыыр уутун хайа муҥун Саппааһа барамматай?! С. Руфов
Дьоннор киҥнэрэ-наардара сиэри таһынан хойдубут этэ. А. Фадеев (тылб.)
Мэйиитэ (өйө) хойдор — өйүн туппут диэн курдук (көр өй). Кыыһа Морууса уҥуоҕа кытаата, мэйиитэ хойдо илигиттэн түбэһиэх суол киһитигэр иирэн, барсан баран, төннүбүттээх. Н. Лугинов
[Ийэтэ — Стёпатыгар:] Оҕом өйдөөх оҕо. Үчүгэйдик сылдьыаҕа, өйө өссө хойдон киириэҕэ. ИМС ОС
Хаана буһар (хойдор) көр хаан I. [Микииппэр] хаана бэркэ диэн хойдубут быһыылаах — сонун тимэҕин тонуу сыһан уһулла. Күндэ
[Ойоҕо] кинини көрдө да хаана хойдо түһэр, төһө кыалларынан сүлүһүннээх, ыарыылаах тыллары кыайахото кутар-симэр. У. Ойуур. Хааһыта хойунна көр хааһы. Иэһин төлөөбөтөҕүнэ, хааһыта дьэ хойдор
ср. др.-тюрк., тюрк. хойул, хойы ‘густеть, сгущаться’
Якутский → Якутский
хойун
Якутский → Русский
хойун=
густеть; быть густым; туман хойунна туман сгустился # хаана хойдор он сердится; холун этэ хойдубут он возмужал.
Еще переводы: