Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холботтор

холбот диэнтэн дьаһ
туһ. Эмпэрэтэ дириҥэ бэрт буолан, пограничниктар курдарын холботторон, онтон тутуһан ууга киирбитим. Н. Якутскай
Куурай хонтуораҕа кэлэн, куораты сакаастаһан, «Якутрыбзавод» начаалынньыгын холботторон, бу күннэргэ сылдьыталаабыт сирдэригэр туох кэһиилэргэ-туорааһыннарга түбэһэн сэрэтэлээбитин туһунан кэпсээтэ. П. Аввакумов. Интернети холботторон баран, буор-босхо кэпсэтиэхтэрин, араас иһитиннэриини, хаартысканы, видеону ыытыахтарын, атастаһыахтарын сөп. «Саха с.»

холбот

I
холбоо диэнтэн дьаһ
туһ. [Хобороос:] Артыалга киллэрэн сиргитин уонна сүөһүгүтүн холботон бараннар, бэйэҕитин ыта да суох үүрэн кэбиһиэхтэрэ. А. Бэрияк
Кини оройуон киинэ Чымынаайыга кэлэн, аҕатыгар биллэрээри нэһилиэгин холботон, төлөпүөнү эрийэн дьирилэппитэ. М. Доҕордуурап
II
1.
холбой диэнтэн дьаһ. туһ. Модьу эмээхсин …… омуртарын холботон чэйин оборон бурулатар. С. Руфов
2. Тугу эмэ (хол., кустары) хоһулатан ытаары саа сыалыгар киллэр. Взять на прицел несколько птиц (напр., уток), чтобы убить их одним выстрелом
Холбото-холбото ыттахпына, икки ыал хонук аһылыгын булуохха сөп. С. Никифоров
Холбото сатыыр түгэн суох буолла, биир чугаһын кыҥаан баран ытан түптэлэт! П. Егоров


Еще переводы:

урууллат

урууллат (Якутский → Якутский)

урууллаа диэнтэн дьаһ
туһ. Аҕам олус эрдэ, алта-сэттэ саастаахпар буолуо, массыынатын урууллата, ускуораһын холбото үөрэтэр. «ХС»

холболоо

холболоо (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Холбото оҥор, холбоҕо уган уур. Сооружать, изготавливать холбо, укладывать в холбо
Мантан үс биэрэстэлээх сиргэ, үрүйэ сыырын үрдүгэр тайаҕы өлөрөн холболообуттар. Сэмээр Баһылай
Тото-хана аһаан, эттэрин кыыл тыыппат гына холболоон баран, икки аҥыы араҕыстылар. Н. Босиков
Былыргы саха киһи өллөҕүнэ, хаһыы дүлүҥҥэ уган холболоон үөһэ алта, аҕыс атах үрдүгэр араҥастыыра. БСИ ЛНКИСО-1938
Бастыҥ ат, атыыр сэриигэ, оһолго өллөҕүнэ ытыгылаан араҥастыыллара, холболууллара. БСИ ЛНКИСО-1994