Якутские буквы:

Якутский → Русский

холобурдаах

1) примерно, приблизительно, около; уон метр холобурдаах около десяти метров; 2) разг. видимо, по-видимому; арааһа ыалдьыбыт холобурдаах по-видимому, он заболел # холобура суох а) беспримерный, бесподобный; б) беспримерно, бесподобно.

Якутский → Якутский

холобурдаах

даҕ. Туохха эмэ тэҥнээх, туох эмэ кэриҥнээх (кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээн этэргэ). Сравнимый с кем-чем-л., подобный кому-чему-л., похожий на когочто-л.
Уол оҕо одьунааһа, саха киһи бастыҥын холобурдаах киһи буолла. Ньургун Боотур
Оҕонньор балаҕана өрүстэн икки килэмиэтир холобурдаах туора этэ. Н. Габышев
Биир киһи диэн айылҕаҕа хааппыла уу холобурдаах. Н. Якутскай
Ыҥыырым кэннигэр туох эрэ саһаан холобурдаах туора ууруллан төргүүлэммит. Н. Заболоцкай


Еще переводы:

өрбөлдьүй

өрбөлдьүй (Якутский → Якутский)

өрбөй диэнтэн арыт
көстүү. [Ат] Өрүтэ мөхсөн Өрбөлдьүйэн-чөрбөлдьүйэн, Сулбурута ойуох курдук Сундалдьыйа оонньуу турар эбит. П. Ойуунускай
Үс былас өрбөлдьүйэр өттүктээх, Сэттэ былас холобурдаах Дьирэ буурай систээх, аҕыс былас холобурдаах Дада буурай сарыннаах эбит. П. Ядрихинскай

боччуук

боччуук (Якутский → Якутский)

көр боччук. Үс муунта холобурдаах Үүт киирэр буор боччуугуттан Туҥуй ынах муоһа Туос ала мээмэтинэн Чачата-чачата да буоллар Чалбааттаан аһатан барда. Саха фольк.

бүгүллүмэхтээ

бүгүллүмэхтээ (Якутский → Якутский)

бүгүлүн диэнтэн тиэт
көрүҥ. Сотору буолаат, күөх уу түгэҕиттэн буут кэриҥэ холобурдаах хатыыс өрөҕөтө туналыйан көһүннэ, мөхсөн бүгүллүмэхтээн, бу күөрэйэн таҕыста. В. Миронов

лөглөһүн

лөглөһүн (Якутский → Якутский)

лөглөй диэн курдук
Уонча саһаан холобурдаах сиртэн сүүнэ улахан хомурах лөглөстөн эмискэ хорос гына түстэ. Ол саһа сыппыт эһэ этэ. Н. Заболоцкай

сэлтэччи

сэлтэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Үллүбүт курдук бөлтөччү (хол., иһэн таҕыс). Нареч
от сэлтэй. [Бөрө] сэлтэччи иһэн тахсыбыт муҥур атаҕын салана-салана, манна ый аҥаара холобурдаах сыппыта. «ХС»

около

около (Русский → Якутский)

I нареч.
аттыгар
II предл.
1) быһа холуйан этиигэ туттуллар (около десяти дней, около пятидесяти рублей)
2) холобурдаах, кэриҥэ (около суток - суукка холобурдаах, суукка кэриҥэ; около двух часов - икки чаас кэриҥэ)

предл.
около дома - дьиэ таһыгар
около часа - чаас кэриҥэ
около ста - сүүсчэ

арыыһыт

арыыһыт (Якутский → Якутский)

аат. Арыы оҥорооччу. Маслодел
Үтүө, үтүө үлэтин Үгүс киһи биһириир, Кэрэ олох киһитин Кэрэхсиибит биһиги, Холкуос, холкуос кыыһа — Холобурдаах арыыһыт. Н. Степанов
Ол мин туох үлэтин кыайыам буоллаҕай, арыыһыт этим, онно кыайан үлэлиэ суох буолан, уурайан сылдьабын. С. Ефремов

даадаччы

даадаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Атахтаргын киэҥ соҕустук дьирэччи тэбинэн (тур). Широко, прямо расставив ноги
[Саадьаҥка] түөрт атаҕын баҕана курдук даадаччы тэбинэн туран, маҥыраан лаҥкынатта. Р. Кулаковскай
Давыдов икки атаҕын даадаччы тэбинэн мүнүүтэ холобурдаах бөтүүгү сиргэммиттии одуулаһа турда. М. Шолохов (тылб.)

дьагдьайбыттыы

дьагдьайбыттыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Тымныыны билбиттии, тоҥо быһыытыйбыттыы. Словно почувствовав холод, замерзнув
Уулуссаҕа тахсан төрдүөн илии илиибититтэн ылсыбыппытыгар Айта дьагдьайбыттыы миэхэ сыстыбыта. Далан
Мүнүүтэ холобурдаах саҥата суох туран баран, дьагдьайбыттыы дьигиһис гынна. М. Шолохов (тылб.)

сундулун

сундулун (Якутский → Якутский)

сундулуй диэнтэн бэй., атын
туһ. Сүүсчэкэ миэтэрэ холобурдаах сиргэ улахан оптуобус кэлэн сундуллан турар эбит. В. Протодьяконов
Көмүөл муустан иҥнибэт, Сундуллубут быһыылаах, Суорба хайа хололоох Ааттаах бастыҥ ледокол Акыйааҥҥа эрдиннэ. Сунтаардар ыл.