неважный, нехороший; холоон ас неважная пища; холоон киһи неприглядный человек; холоон сэп нехорошая вещь; холоон өйдөөх киһи неразумный человек # холоон ини модальное словосочет. вряд ли; холоон ини, сотору миигин умнар инигин вряд ли ты скоро меня забудешь.
Якутский → Русский
холоон
холоо=
определять что-л. (приблизительно); холоо, төһө от кэлиэй скажи, сколько сена можно получить; хас киилэ буолуой, холоо определи, сколько килограммов будет; дьоҕойон , холоон көрөҕүн дуу? да ты, никак, меня испытываешь? (с оттенком недовольства) # холоон көр! попробуй-ка! (угроза).
Якутский → Якутский
холоон
- даҕ. Соччо бөрүкүтэ, суолтата суох, ханнык эмэ. ☉ Посредственный, незавидный, не бог весть какой, так себе (о чём-л.)
Наҕыл, Наҕыл диэн аатырпыттара, халба кус оһоҕоһугар дылы субуллаҥнаан, холоон да үрэх эбит! Амма Аччыгыйа
Холоон сэп. ЯРС
△ Ханнык эмэ, барбах, бөрүкүтэ суох, мөлтөх (киһини этэргэ). ☉ Посредственный, не ахти какой, заурядный (о человеке)
Бастаан кэллэҕинэ, саккыраан, холоон тойон этэ. Болот Боотур
Ити мин Сэмэммин суон сураҕырдаллар да, маҥнай утаа баҕас холоон киһи этэ. С. Федотов - аат суолт., кэпс. Ким эмэ тугунан эмэ үчүгэйинэн биһирэнэрэ (утарар ис хоһоонноох этиилэргэ тут-лар). ☉ Кто-л., выделяющийся особым качеством (употр. в отриц. предл.)
Хата хамнаспытыгар ылбыппыт да, холооҥҥо дылыта дии. А. Софронов
Былыргыны былыт саппытын иһин, чэ, аныгыларбыт да сорохторо холооннор. М. Доҕордуурап
Холооннор, эн оҕолоруҥ. Ити биир кыыһыҥ эриттэн арахсан, кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн кэллэ дии. В. Титов
холоон буолуо
сыһыан холб. Саҥарааччы тугу эмэ буолар кыаҕа суох диэн этэрин көрдөрөр. ☉ Выражает отрицание говорящим возможности осуществления чего-л. (вряд ли)
Уонна, дойдулаабытыҥ холоон буолуо. Амма Аччыгыйа
Дьэ көрүөхпүт төһө тылыгар турар эбит. Холоон буолуо. В. Ойуурускай
Холоон буолуо, маны да астаабакка сытытар инигит. «ХС»
холоон ини
сыһыан. холб. Саҥарааччы тугу эмэ улаханнык саарбахтыырын, суох буоларын көрдөрөр. ☉ Выражает глубокое сомнение говорящего в возможности осуществления чего-л.
Эн буоллаҕына атаскын Иван Ивановиһы түһэн биэриэҥ үһү дуо? Холоон ини. Софр. Данилов
Дьиэлэригэр илдьэн түмүк иһитиннэриэх ааттаахтар ээ! Холоон ини! Ону кыргыттар сэрэйбэт бэйэлэрэ дуу! В. Яковлев
Тиэтэйимэ-тиэтэйимэ! Бу иэдэттэҕин көр эрэ, холоон ини! Сүүһүнэн тыраахтар баар — киэбиримэ! И. Семёнов
холоо
туохт.
1. Кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээ, майгыннат. ☉ Уподоблять кого-что-л. кому-чему-л., сравнивать
Киһи оҕо сааһын сарсыардаҕа, ситэр сааһын күнүскэ (күөгэйэр күнүгэр), оттон кырдьыытын киэһэҕэ холууллар. Саха фольк. Дойдутугар тахсарыгар, уруккутугар холоон, мунду бөҕөнү сиэм диэн саныыра, хата, биир мунду баһын хампы ыстаабатаҕа. Н. Якутскай
Ээ, биһиги дьоммут тэллэйи аанньа билэ иликтэр, улахан аска холооботтор. Е. Неймохов
2. Тугу эмэ быһа холуйан, барыллаан кэмнээ, быһаар, холуй. ☉ Определять что-л. приблизительно, прикидывать
Хотону саамай улааттаҕына, икки сүүс ынахха холоон тутуоҕуҥ. В. Титов. Биирдэ сиэнэ ыйытта: «Эһээ, ити тоҕо балыккын мунньаҕын, бэйэбит эрэ тоторбутун холоон буһарыаххын?» КФА СБ
Убаҕаһы утах ханарынан холоон иһиэххэ наада. Дьиэ к.
3. Тугу эмэ тургутан көр, сибикилээ, билгэлээ. ☉ Пробовать, оценивать что-л. [Булчут хаары] Сөмүйэтинэн оймоото — Суоллара тоҥо илик, Билгэлээн көрдө, холоото — Сүүрэ туртар тус илин. Эллэй
[Ходоров] хайдахтаах да уустук бырайыагы маҥнай толкуйдаан, холоон, ыараҥнатан көрөн баран, бырайыак сүрүн оҥкулун начаас курдурҕаччы оҥорон кэбиһэр. Н. Лугинов
Омурҕанныы тохтуубун, Охсор сирбин холуубун. А. Бродников
♦ Кумаар да сиэбитигэр (ытырбытыгар) холообот көр кумаар
Икки саалаах кииртим. Биир куһаҕан булгу тутуунан үс төгүл ыттым даҕаны, кумаар да сиэбитигэр холообото. Багдарыын Сүлбэ
Өлөрү утуйарга холоо көр өл I. Дьон-норуот туһугар Эрэйин дьолго солбуйбута, Өлөрүн утуйарга холообута. С. Зверев
Күтүр дойду көлдьүнэ Аймаан-алдьатан баартын Ситиһэр иннигэр, Өлөрбүн даҕаны Утуйарга холуом! Суорун Омоллоон
Хоҥуруутугар <да> холообот (хоннорбот) көр хоҥуруу. [Лэкиэс:] Чэ, аныгы киһи санаата уларыйбыта, тугу да хоҥуруутугар холообот буолта сүрдээх. А. Софронов
«Кэһэйдин, тугу да хоҥуруутугар холообот», — Пуд Ильич сэтэриир. Далан
◊ Быһа холоон көр быһа I
Сахалыы добдугураччы ааҕара, нууччалыы даҕаны быһа холоон сурук ис хоһоонун син өйдүүрэ. Софр. Данилов
Утуйуон иннинэ эһэ көннөрү бириэмэтээҕэр быһа холоон үс төгүл элбэҕи аһыыр, түөрт уонтан тахса киилэ сыаны мунньунар. ЭБЭДьА. Хараҕынан холоо — тугу эмэ көрөҥҥүн барыллаан, быһа холуйан быһаар. ☉ соотв. определять что-л. на глаз
Кыһыахтаах чороонум быһыытынтутуутун барыллаан, илиибэр ылан, тэйитэ-тэйитэ харахпынан холоотум. Н. Борисов
Кыылы уонна хоруолугу иитэр научнай-чинчийэр институт сүбэтинэн хаһаайыстыба усулуобуйатыгар аһылык сыатын хараҕынан холуохха сөп. БЗИ СА. Холоон көр — кими, тугу эмэ тургутан көр, бэрэбиэркэлээ, боруобалаа. ☉ Пробовать, испытывать кого-что-л. [Оҕонньор:] Нойоон, төһө хоһууҥҥун, хапсаҕайгын уонна быһыйгын мин холоон көрүөм
Саха фольк. [Дьээбикин:] Бэртэр кэлбит буоллаххытына, тоҕус ох сиртэн туран ыта холоон көрүҥ. Н. Габышев
Дьоннор улахан күүстээх киһи кистэнэ сылдьар быһыылаах диэн уорбалаан, киһилэрин холоон көрөргө сүбэлэспиттэр. «Чолбон»
Якутский → Английский
холоо=
v. to compare; холоон a. no better
Еще переводы: