аат. Хомуньуус баартыйатын чилиэнэ. ☉ Член коммунистической партии, коммунист
Кытыы нэһилиэккэ саҥа олоҕу бастаан саҕалаабыт биэс хомуньуустан бу мин соҕотоҕун хааллым. Далан
[Маарыйа:] Ити хомуньуустар таҥара суох диэн дьаабыланан эрэллэр да, кинилэр даҕаны уһун отторун оттуулларын билбэтим. А. Софронов
«Бронепоезд 14-69» сэһэн сүрүн дьоруойа хомуньуус Пеклеванов буолар. Софр. Данилов
◊ Хомуньуус баартыйа — хомуньууһум идиэйэтин өрө тутар, ону олоххо киллэрэр, биир уопсай сыаллаах, санаалаах дьон холбоһуга. ☉ Коммунистическая партия. Саха сиринээҕи хомуньуус баартыйатын кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ В. Губарев Ил Түмэн дьокутаатынан талылынна
Якутский → Якутский
хомуньуус
Еще переводы: