Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хоной

дьүһ. туохт. Көнүөххүнэн көнөн төбөҕүн өрө тутун. Идти, ходить с высоко поднятой головой, вытянувшись в струнку
Уҥа ороҥҥо хонойон тиийэн көхөҕө таҥаһын ыйаталаата, көхсүн этиппэхтээтэ. Болот Боотур
Хара улар уонна куртуйах Үрүйэ-харыйа аайы көҥүл хонойо хаамар. Баал Хабырыыс
Аастыйбыт баттахтаах, алдьаас буолбут көрүҥнээх аар кырдьаҕастара, сэһэргэһэн, сэргэхсийэн атыннык хонойдо, ходьойдо. Болот Боотур
ср. калм. хонээ ‘стоять прямо’

чынай-хоной

дьүһ. туохт. Түөскүн мөтөтөн олус көнөтүк тутун. Держаться очень прямо, выпячивая грудь
Ээй, чэ, чынайан-хонойон Тэйэнтэбэн истэҕим. Болот Боотур

Якутский → Русский

хоной=

образн. напряжённо вытягивать шею и высоко поднимать голову (о человеке) .


Еще переводы:

чырбачый

чырбачый (Якутский → Якутский)

чырбай диэнтэн хамс
көстүү. [Кини] табалартан быстан, хонойуоҕунан хонойон баран, туора сүүрэн чырбачыйда. «Чолбон»

хонтолун

хонтолун (Якутский → Якутский)

хонтой диэнтэн бэй
туһ. [Партком сэкирэтээрэ Янков] хонтоллубут мунна улаатан, кыһыл сирэйэ ордук ыгыллан …… үөһэттэн аллара дьону суптурута көрбөхтөөтө. У. Нуолур
Киһитэ саҥата суох хонойуоҕунан хонойон ону одуулаһан хонтоллон турда. Болот Боотур

хоноҥноо

хоноҥноо (Якутский → Якутский)

хоной диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Ол баар кини сис тутта-тутта, хоҥор хаас курдук, хоноҥнообут туһата. Н. Заболоцкай

сыһыгырат

сыһыгырат (Якутский → Якутский)

сыһыгыраа диэн курдук
Хоной дьэ ити курдук сыһыгыратан мас тиэйэр суолунан истэ. Н. Түгүнүүрэп
Дайыыл Дарбааһап тииһин быыһынан күлэн сыһыгыратта. В. Протодьяконов

хонолдьуй

хонолдьуй (Якутский → Якутский)

хоной диэнтэн арыт
көстүү. Улар аргыый хааман хонолдьуйда. В. Тарабукин
Ачыкытын килэпэчитэн, Аркадийы кытта дорооболоспутунан, Николай Никитич хонолдьуйан киирдэ. Н. Босиков

хонолун

хонолун (Якутский → Якутский)

хоной диэнтэн бэй
туһ. Оҕонньор үтэһэни кыһарын тохтотон, оҥоро олорон, быһаҕын туппутунан, саҥата суох, тугу эрэ иһиллиирдии, хоноллон олордо. А. Сыромятникова
Хам-түм үрдүк тиит чыпчаалыгар куртуйах хоноллон олороро көстөр. И. Гоголев
Куонаан дьиэ үрдүн көрөн хоноллон олордо. Айталын

хонос гын

хонос гын (Якутский → Якутский)

хоной диэнтэн көстө түһүү. Антон Николаевич балачча саҥата суох истэ, онтон эмискэ хонос гынан, халлааны көрөн ылла. М. Доҕордуурап
Бу олорон, Баһыкка мас маска охсуллар тыаһын иһиттэ. Хараҕын аһан, хонос гына түстэ. С. Данилов
Оҕонньор соһуйбут курдук хонос гынна. «ХС»

намсыгыр

намсыгыр (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Аллара ньалбы йа н т үс п ү т (үксүгэр ыт кулгааҕын туһунан). Свисающий, обвислый (обычно об ушах собаки)
Болҕойон көрбүтэ, ыта уп-уһун түүлээх, намсыгыр кулгаахтаах, хап-харанан тэһэ көрбүт харахтаах …… эбит. М. Попов
2. Намыһах уҥуохтаах, хапсыгыр түөстээх, нүксү ччү туттубут (киһини этэргэ). Низкорослый, имеющий впалую грудь, су туловатый (о человеке)
Биирдэһэ улардыы хонойуоҕунан хонойбут, иккиһэ, киниэхэ холоотоххо, быдан намсыгыр. Софр. Данилов. Тэҥн. налбыгыр

олоотоо

олоотоо (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Хантайахантайа ырааҕы көр; төбөҕүн бытааннык эргитэн ырааҕы болҕойон кыраҕытык одуулас. Смотреть вдаль, запрокидывая голову; внимательно и зорко смотреть, медленно поворачивая голову из стороны в сторону
Томороон, хонойуоҕунан хонойон, кими эрэ көрдүүрдүү, дьон үрдүнэн олоотоото. Болот Боотур
2. Сыт ылаары тыал хоту сытырҕалаа (кыыл туһунан). Принюхиваться по ветру (о животных)
Ийэ тайах, алыы саҕатынааҕы аабылааны туораан, …… ычыкка тиийдэ, үгэһинэн сыт ылаары тыал хоту олоотоото. ФВС К

битиргэччи

битиргэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Биир тэҥ тэтимнээхтик, улаханнык битийэн. Издавая отрывистые глухие звуки «битирбитир»
Даайа сирэйэ иэдэстиин-кулгаахтыын итийбэхтээн кэлбитэ, сүрэҕэ хайдах эрэ олус күүскэ, битиргэччи тэппитэ. С. Никифоров
[Ат сүүрүүтүгэр] куоппут уол кыайбытын биллэрэн, саба охсуллубут флажок аттынан битиргэччи ойутан иһэн, кымньыылаах илиитин өрө уунан хонойдо. П. Аввакумов
Оппоос сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээтэ. В. Тарабукин