Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хордурҕас

хордурҕаа диэнтэн холб. туһ. Аччыктаабыт сибиинньэлэр хордурҕаһаллар. Амма Аччыгыйа
Хамтүм тугуттар аһары мэниктээн сүүрэкэлээри гыннахтарына, тыһылар буойан хордурҕаһаллар. П. Ламутскай (тылб.)


Еще переводы:

ыҥыраныы

ыҥыраныы (Якутский → Якутский)

ыҥыран диэнтэн хай аата
Эдэр киһи уута кэлбэт. Мурун тыастара, сылааны таһаарар ыҥыраныылар улам дириҥээн бардылар. Дьүөгэ Ааныстыырап
Ханна эрэ тэйиччи соҕус атыыр таба хордурҕас ыҥыраныыта иһиллибитэ. В. Санги (тылб.)

ыҥырҕас

ыҥырҕас (Якутский → Якутский)

  1. ыҥырҕаа диэнтэн холб. туһ. Кинилэр [ыт оҕолоро] сүрдээх көрүдьүөс этилэр, эмиий эмээри сибиинньэ курдук ыҥырҕаһаллара, муннуларынан анньыалыыллара. Далан
    Табалар хордурҕаһаллар, тугуттар ыҥырҕаһаллар. «ХС»
    Мутук барчаланар тыаһа уонна дьиикэй сибиинньэлэр ыҥырҕаһар саҥалара иһилиннэ. В. Арсеньев (тылб.)
  2. даҕ. суолт. Муннунан сыҥсыйан ыҥыргыыр саҥаны таһаарар. Судорожно всхлипывающий, плачущий, прерывая дыхание икотой. Ыппыт уйатын диэкиттэн ыҥырҕас саҥалар иһилиннилэр