Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хоробуоттаа

туохт. Сиэттиһэн төгүрүччү хаамса сылдьан ыллаан, үҥкүүлээн оонньоо. Танцевать хоровод; водить хоровод
Дьэ үчүгэйдик итийэн-кутуйан хоробуоттаан эрдэхтэринэ, Иван Усов кэлэн Сэмэнчиги илиититтэн ылан хоробуоттан таһаарар. Н. Якутскай
Оҕолор ёлканы тула хоробуоттаабыттара. М. Прилежаева (тылб.)


Еще переводы:

хоробуоттат

хоробуоттат (Якутский → Якутский)

хоробуоттаа диэнтэн дьаһ
туһ. [Эмээхсин] тохтуу түһэн баран, оҕолору хоробуоттатан барбыта. Е. Ильина (тылб.)

ходьолдьус

ходьолдьус (Якутский → Якутский)

ходьолдьуй диэнтэн холб. туһ. Оонньуу саҕаланан, Оҕолордуун, улаханныын сиэттиһэн, Эҕий-доҕуй эргийэн, Ходьолдьуһа долгуһан, Хоробуоттаан бардылар. Күннүк Уурастыырап

долгус

долгус (Якутский → Якутский)

долгуй 5 диэнтэн холб. туһ. Онтон оонньуу саҕаланан, Оҕолордуун, улаханныын Хотолдьуһа долгуһан Хоробуоттаан бардылар. Күннүк Уурастыырап
Оҕолор, куттаммыттара ааһан, сүрэхтэрэ үөрүүнэн уоттанан лааҕырдарыгар хааман долгуһа турдулар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Байаан тыаһыгар дэгэттэрэн холкуос ыччата үҥкүүлээн долгуһар. А. Федоров

эҕий-доҕуй

эҕий-доҕуй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Такымнаргын биир тэҥ эрчимнээхтик накыҥнатан, бүтүн таһааҕынан имигэстик хамнан (хол., оһуохай үҥкүүтүгэр). Упруго отталкиваться ногами, ритмично двигаясь всем корпусом в такт танцу (напр., танцуя осуохай)
Ыллаан-туойан дуоратан, Эҕийэн-доҕуйан дьиэрэтэн Холбоон-хоһуйан иһиэҕиҥ! Саха фольк. Илиилэртэн сиэттиһэн, Эҕийдоҕуй эргийэн, Хоролдьуһа долгуһан Хоробуоттаан бардылар. Күннүк Уурастыырап
Оһуор-ойуу үктэнэн Оһуохайдаан барыахпыт. Эҕий-доҕуй үктэнэн Эһиэхэйдии сылдьыахпыт. Чэчир-72