Якутские буквы:

Русский → Якутский

церемония

ж. 1. церемония (сиэр, сиэри толоруу); свадебная церемония сыбаайба церемонията; 2. церемонии мн. перен. разг. (в поведении) силиктэнии.


Еще переводы:

церемониал

церемониал (Русский → Якутский)

м. церемониал (туох эмэ обряд, церемония сиэрэ-силигэ).

сиэр-силик

сиэр-силик (Якутский → Якутский)

аат. Туох эмэ улахан тэрээһин оҥоһуллар, ыытыллар бэрээдэгэ, олохсуйбут үгэһэ. Установленный порядок, церемония проведения какого-л. торжественного мероприятия
Маннык үгүс дойдулар түмсэр мунньахтарын сиэрин-силигин быһыытынан, кини мунньаҕы олорон эрэ аста. С. Данилов
Онуоха тустууларын сиэрэ-силигэ маннык буолар эбит. Күннүк Уурастыырап
Уруу малааһынын сиэрин-силигин ситэрэргэ икки ыалынан сүбэлэһэн тэриннилэр. «ХС»

түһүлгэ

түһүлгэ (Якутский → Якутский)

аат.
1. Дьон тохтоон түһүүлэммит, быстах олохсуйбут сирэ. Место обитания, становище, стойбище
Отуу кэтэҕэр, хойуу талах хоту хонноҕор, элбэх дьон түһүлгэлэрэ кэрэлэнэн сытар. Р. Кулаковскай
Ол хочоҕо баһаам элбэх түһүлгэлэр бааллара. Эвен фольк. Аллараа Кураанах — өҥ буордаах, бараммат-хороммот барҕа баайдаах, дьоллоох түһүлгэ. «ХС»
2. Сиэри-туому толорон түөлбэлээн мустар, чэчир, салама киэргэтиилээх ыһыах ыһар сир. Место проведения якутского национального праздника ыһыах, украшенное зеленью и другими атрибутами, где проводится церемония кумысопития
Онтон ыла сайын кэлиитигэр кымыс көйөрөн, ас бэлэмнээн, түһүлгэ тэрийэн, үйэттэн үйэҕэ үгэһи тутуһан, сиэр силигин толорон, ыһыах ыһыллар буолбут эбит. Саха нар. ыр. II. Биир сайын Эллэй Боотур чэчир анньан, сиэлинэн, ситиинэн симээн, сэргэ туруортаан, түһүлгэ диэни оҥорон, онно сылгы, ынах кымыһын мунньан, Үөһээ бары айыыларын, сөһүргэстээн олорон уруй охсон, алгыыр
Саха фольк. Көр бөҕө көҕүлүттэн тутуллан, Оонньуу бөҕө оройуттан харбанан Түһүлгэ төрүттэннэ. С. Зверев
3. Дьон мустан тугу эмэ ыытар, күрэхтэһэр сирдэрэ. Место для проведения каких-л. мероприятий, спортивных соревнований
Успуорт дыбарыаһыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии түһүлгэтэ. Н. Лугинов
Ат сүүрдүүтүн кэнниттэн оһуохай түһүлгэтэ саҕаламмыта. Ойуку
Үүнүү-күүрүү быйаҥын барҕардар, Үөрүү-көтүү халлаанын сырдатар Ас-чаллараҥ түһүлгэтин Аан бастаан тардабыт. С. Васильев
Ыраата сылдьаммын ахтабын — Ыһыахха түһүлгэ далбарын, Күөн көрсөн, бөҕөс дьон тустуутун, Күйгүөрэр оһуохай оонньуутун. И. Федосеев
Дьол (дьол-соргу) түһүлгэтэ – дьон түмсэр, үөрэр-көтөр, дьоллонор сирэ. Место, где люди радуются, веселятся, находят своё счастье
Дьол-соргу түһүлгэтин Чэйиҥ эрэ, тэнитиҥ! Баал Хабырыыс
Киэҥ Туймаада ийэ хотун Дьол түһүлгэтэ буоллун, Уот кураан, хамсык түспэтин, Дьоллоннун кыыһыҥуолуҥ. И. Эртюков
ср. тув. дүжүлге ‘престол’, туркм. дүшелге ‘стоянка, место стоянки’