Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чабырҕас

I
чабырҕаа диэнтэн холб. туһ. Боккуоптарын тыаһа чабырҕаспыттара. И. Артамонов
II
даҕ. Чуор, хатан (хол., сүгэ тыаһын этэргэ). Резкий, звонкий (напр., о звуке от топора при рубке дерева)
Чап-чабырҕас бэйэтэ, Чып кистэлэҥи кэпсэтээт, Чыыбыс курдук сэрэттэ. В. Алданскай
Өргөстөөх төбөлөөх батаһы, чабырҕас тыастаах анньыыны, иэйиилээх тыастаах этигэн хомуһу …… оҥорон барбыттара. МАП ЧУу
Батыйа батыйаҕа охсуллан чабырҕас. ПНО


Еще переводы:

бүлтэс

бүлтэс (Якутский → Якутский)

аат. Киһи, сүөһү лабааларын көҥдөй уҥуохтара (хол., окумал, уллук, сото уҥуохтара). Трубчатая кость человека и животных
Көрдөҕүнэ эт бүтэй бүлтэһэ көстүбүт түктэри бэйэлээх үчүгэй кыыс оҕо буолан олорор. Саха фольк. Айдаан быыһыгар, хатан бүлтэс уҥуоҕу кэрдэн эрэр курдук, чабырҕас тыас иһиллэр. Эрилик Эристиин
Салгын тыыннаах, Бүлтэс уҥуохтаах, Бүтэй тириилээх Урааҥхай саха аатыран, туох иһин үөскээнтөрөөн сылдьабыный? С. Зверев

чабырҕаччы

чабырҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Чабырҕас тыаһы таһааран (хол., хаамп — аты этэргэ). Издавая громкий, звонкий стук, цокот (напр., идти — о лошади)
[Ат] тырылаччы тыбыыра-тыбыыра, боккуоптаах туйахтарынан тэлгэтии тааска чабырҕаччы үктэнэн хаамта. Н. Якутскай
Аттар туйахтарын тыаһа чабырҕаччы анньыалаан …… харылыйбыт суолга көтөн түстүлэр. В. Протодьяконов