I
чаллырҕаа диэнтэн холб. туһ. Эрэһэ долгуннар оҥочобутугар охсуллан чаллырҕаһаллара. П. Степанов
Үөр ыһылынна, Фёдор тула кустар сууллан чаллырҕастылар. СЮ ЫБ
II
даҕ.
1. Чаллыргыыр тыастаах. ☉ Чавкающий, хлюпающий, плещущийся
Сайынын чаллырҕас уунан туолар ииннэргэ холоотоххо, бу омуһах букатын кураанаҕын кэриэтэ этэ. Софр. Данилов
Төһө да ууну тумуннар, дыгдаҥнас муохха түөһэ, тоҕоноҕо, тобуктара чаллырҕас уу буолла. Д. Апросимов
Муус устар ый дьиэлэр кырыыһаларыттан чаллырҕас таммаҕынан доҕуһуолланан кэллэ. М. Доҕордуурап
2. Хатан, чуор (хол., туох эмэ хаптаҕай ылтаһын бэйэ-бэйэтигэр охсуллар тыаһын этэргэ). ☉ Резкий, свистящий (напр., о звуке трущихся друг о друга металлических лезвий)
Быт ыһыа диэн эмээхсин күтүр улахан чаллырҕас тыастаах кыптыыйынан күн аҥаара кырыйбыта. П. Тобуруокап
Сорох ардыгар төбөҕө түбэһиннэрэн кэбиһэн, чаллырҕас тыас [иһиллэр]. Эрилик Эристиин
Якутский → Якутский
чаллырҕас
Еще переводы: