I
аат. Адьырҕа кыыл оҕото (хол., эһэ оҕото). ☉ Детеныш хищного зверя (напр., медвежонок)
Бу уордаах тыһы эһэ мойборугар иилистэ сылдьар аһыҥастарын таһыйан часкыппыт. СГФ СКТ
Ол турдаҕына, адьас чугастан, арҕах ойоҕоһуттан иккис аһыҥас, сүрдээх хатаннык часкыйаат, Василийга уун-утары ыстанна. «ХС»
Сис тыаларыгар эһэлэр бэйэлэрин аһыҥастарын биэбэйдээн улаатыннараллар. Г. Колесов
II
даҕ. Аһыы соҕус (туох эмэ амтанын туһунан); хабархай соҕус, аһыы соҕус (сыт туһунан). ☉ Кисловатый, горьковатый, островатый (на вкус); едковатый, горьковатый (о запахе)
Маннык бэлэмнэммит бааҥкаларга тууһаммыт тэллэй сыл кэриҥэ буортуйбат, ол гынан баран, хатан аһыҥас амтаннанар. Г. Угаров
Ньырбачаан үһүс холомоҕо тахсаат, аһыҥас соҕус туох эрэ туора сыт баарын билбитэ. Далан