аат., кэпс.
1. эргэр. Туһалаах үлэнэн дьарыктаммакка, хаартылаан аһаантаҥнан сылдьар киһи. ☉ Картежникжулик, шулер
«Акаары абаҕаҥ, Хаартыһыт Хабырыыс курдук Илээт буолаары Итиннэ иилиһинниҥ дуо?» - диэн Илдьи мөҕөрүн Эмиэ истэрим. А. Софронов
Итиэннэ Иһээччи киһи Илээт аатырбат, Хата Хаартыга ханыылаһыахтааҕар Уоруйах буолбут ордук. А. Софронов
2. Албын-түөкүн, түптээх үлэтэ суох киһи (билигин үксүн үөхсүү курдук тут-лар). ☉ Мошенник, плут (обычно употр. как бран.)
Түгэҕэ суох түөкүн, иҥсэлээх илээт түөрт эркинтэн сирэйэ сааппат. П. Ойуунускай
[Арыгы] Талаанньыты табаарыстыыр, Түөкүнү дьүөгэлиир, Илээти билиһиннэрэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Ити илээт киһи күлүүтэ суох туруо дуо? Арба «кинээс» оҕото «куһаҕаттарын» биһигини элэктээминэ. Эрилик Эристиин
русск. устар. ляд 'все негодное и недоброе, дух пакостей, нечистый, черт'