туохт. Бары өттүттэн ыараҥнатан, сыаналаан көр. ☉ Обдумывать что-л. тщательно, со всех сторон, взвешивать
Тугу да маһы-оту тоһута тутар курдук үлтү барчалаан быһааран кэбиһэргэ дьулуспат. Сөптөөх өттө бу буолаарай диэн элбэхтик ыйааһынныыр, сааһылыыр. П. Аввакумов
Мин эһэм: «Оҥоруоҥ иннинэ сүүстэ кээмэйдээ, ыйааһыннаа», — диирэ. Куорсуннаах
Бэйэ олоҕун ыйааһынныыр, сыаналыыр наада. «ХС»
△ Өссө ылыннарыылаах, итэҕэллээх гын. ☉ Делать что-л. ещё более убедительным, весомым
Мин оҕонньорго туох наадаҕа кэлбиппин эмээхсиҥҥэ кэпсээтим. Оҕонньор да иһиттин. Тиһэҕэр, оскуола соруйда диэн бэйэм тылбын ыйааһыннаары эбэн эттим. «ХС»
Якутский → Якутский
ыйааһыннаа
Еще переводы: