туохт.
1. Бэйэ-бэйэҕэ хардары-таары ону-маны уларсыһа, бэрсиһэ олор (чугас сыһыаннаах эбэтэр чугастыы олорор дьону этэргэ). ☉ Постоянно делиться, обмениваться чем-л. (о близких друг другу людях или соседях)
[Үчүгээйэп:] Эн биһикки ылсарбыт-бэрсэрбит элбэх. Сотору төннөрүөҥ буоллаҕа дии. С. Ефремов
Онно ыалтан ыал икки ардыгар дьон батысыһа сылдьан ылсалларын-бэрсэллэрин дьэ көрбүтүм. Н. Габышев
Ыкса ыаллыы олорбут дьон үгэс курдук ылсар-бэрсэр баҕайыта. ЧКС ЫаЫЫ
2. Кимниин эмэ тугу эмэни мэнэйдэс, атастас. ☉ Меняться, обмениваться чем-л.
Кууһума ыраах Алданынан, Маачанан айаҥҥа сылдьыһан, Силип атыылаһарын, ылсарын-бэрсэрин көрө сылдьара. «ХС»
Якутский → Якутский
ылыс-бэрис
Еще переводы: