саҥа алл. сыһыан холб. Туох эмэ өр күүттэрэн баран буолбутуттан үөрэн, сөбүлээн (ардыгар сэтэриир дэгэттээх) сыһыаннаһыыны көрдөрөр. ☉ Выражает одобрение, радость (иногда с оттенком злорадства) по поводу осуществления чего-л. долго ожидаемого (ну наконец-то)
Дьэ эбэтээ, күтүр өстөөх бохтор күннээх эбиккин дии. Суорун Омоллоон
Дьэ эбэтээ! Кэһэйдигит дуо, хаанымсахтар! Н. Лугинов
Дьэ эбэтээ, кини, штаб дьиэтэ, ити турар. «ЭК»
Якутский → Якутский
дьэ эбэтээ
һаай эбэтээ
саҥа алл. Сэтэрээһини көрдөрөр. ☉ Выражает злорадство
Анарааҥҥыта, бэйэтэ да арыычча туттунан турар киһи, «һаай эбэтээ» диэбиттии, саатын сомуогун туруораат, кыҥаабытынан барда. Р. Кулаковскай
Ньиэмэстэр ортолоругар утуу-субуу дэлби тэптэриилэр ньиргиһэллэр, һаай эбэтээ, кэм чаҕыйардаах эбиттэр ээ! А. Данилов
[Оҕо] саатын уҥа хонноҕун анныгар кыбынан иһэн саһылы көрөөт: «Һаай эбэтээ, түбэстиҥ дуу, суох дуу?» — диэбитинэн, …… сомуогун тардан кэбиһэр. А. Неустроева
эбэтээ
аһаай
Еще переводы: