аат., үөхс., эргэр. Содур, күүлэйимсэх (үксүн дьахтарга туһаайан тут-лар). ☉ Развратница, потаскуха
Сириксэн сиргидэххэ түбэһэр (өс хоһ.). [Дьахтар] өйүн сүтэрбитин кэннэ: «Күлтээйэп! Ити сиргидэҕи, кыһыллар бытааһахтарын, дьууктаан кэбис!» — диэн Өлөксөйгө бирикээстээбитэ. П. Аввакумов
Мин Машкам оһоҕостоох буолбутун хотуҥҥа кини бастаан тыллаабыта. Ыал, дьон олоҕун алдьатар куһаҕан саҥнаах сиргидэх. Болот Боотур
Бу тойон манна эвакуацияҕа кэлбит, эргэ барбакка олорбут ханнык эрэ сиргидэҕи кэргэн ылбыт. К. Симонов (тылб.)
△ Дьалбаа, оттомо суох. ☉ Несерьёзный, ветреный
«Ыттар, сиргидэх!» — Павло, Нартаахапка хардарар эрээри, наар Лесяҕа туһаайан баргыйара. Софр. Данилов
Таксист ойон тахсан: «Сиргидэхтэр, өлүөххүтүн баҕардыгыт дуо?» — диэн кыргыттарга кыбдьыгыраата. П. Аввакумов