сыһ.
1. Биир тэҥник кэккэлэччи, сэлэлээн эбэтэр субуруччу. ☉ Друг за другом, в ряд, шеренгой
Алаас ортоку кырдалыгар арҕааттан илин элээннии чэчир анньыллыбыт. Р. Кулаковскай
Халтаҥ эҥээрдээх сахалыы дьогдьуурдаах, элээннии көмүс, муос тимэхтээх, оноото, кэннэ көмүс симэхтээх сукуна сон. БСИ ЛНКИСО-1994
Үрэххэ элээннии үүнэн турар хахыйахтар таба быатын бытырыыһын курдугунан илибирэччи таҥныбыт буоланнар, үөрэ-күлэ сэргэхтик тэлибирэһэллэр. Н. Тарабукин (тылб.)
2. Тугу эмэ тула, төгүрүччү. ☉ Вокруг кого-чего-л., окаймляя что-л. Дьон бары илии-илиилэриттэн сиэттиһэн, элээннии туран, ыллаан бараллар. Суорун Омоллоон
Сыанаҕа ыҥырыылаах ыһыах дьоно утуу-субуу мустан бараллар, икки аҥыы элээннии туран күн диэки хайыһаллар. К. Уткин
Якутский → Якутский
элээннии
элээннээ
туохт.
1. Хас да буолан кими, тугу эмэ тула, кими эмэ кытта иннигэр-кэннигэр буолан эбэтэр кэккэлэһэ сырыт, арыаллаа. ☉ Обступить кого-что-л., создавая ряд, шеренгу, круг
Ол Туйаарыма дьоллоох: сэлэлииллэр кинини Уот тырым бэйэлээх эдьиийдэр, балыстар. Илиититтэн сиэтэн, элээннииллэр кинини Эрэллээх, хоодуот убайдар, бырааттар. С. Тарасов
Сэттэ дьэс мэник эмэгэттэрим, элээннээҥ, Аҕыс аарык аргыстарым, арыаллааҥ. ФГЕ ӨӨСҮҮ
2. Таҥаскар сырдык дьураалаа, киллэһиктэ тик. ☉ Нашивать, наносить светлые полосы на одежду. Ийэтэ уолугар саҥа сон тиктэ, иннинэн, кэннинэн элээннээтэ
Якутский → Русский
элээннээ=
нашивать, наносить светлые полосы, полоски (напр. на одежду).
Еще переводы: