Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрдиилэн

  1. эрт диэнтэн бэй туһ. «Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох!» — диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
  2. Эрдиилээх буол. Иметь весло. Саҥа, бөҕө-таҕа эрдиилэнним

Еще переводы:

эрэһэлээх

эрэһэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьиримнэс күүгэннээх эрэһэ долгуннаах. Покрытый рябью; пенистый (о волнах)
Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
Эрэһэлээх долгуннаах Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм Эҕэрдэлээх кытылыгар …… Уруй-туску олбохтоох Ороссолуода хочото Олохсуйан олорор. Н. Степанов
2. көсп., фольк. Аймалҕаннаах, сүпсүктээх (илин халлаан). Беспокойный, тревожный (о восточном небе — в олонхо)
Эрэһэлээх илин халлааннарын Эҥийэлээх иитин аннынан Эрийэ баттаан көрдөххө …… Улуу удаҕан дьахталларым Илгистэ-эккирии туралларын курдук [тыалардаах эбит]. П. Ойуунускай
3. Бөҕө миилэлээх, бөҕө (тиис). Крепкие (о зубах)
Эрэһэлээх тииһим эргэрэн эмтэрийбитин Эмээхсин буолан баран Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ Этэр тылыҥ тиийбэтинэн Эгэлгэ-эриэккэс эбит. А. Софронов. Уол оҕо барахсан …… Эрэһэлээх тииһэ Эмтэрийбитин иһин, Киэһэ хонорун кэмнэнэр, Сарсын турарын сананар. Саха нор. ыр. II
4. Илбистээх, абылаҥнаах (тыл). Проникновенный, внушительный (о слове)
Дьэ, мин киһи эрэһэлээх тылым иччитин Икки тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут кэй чуор кулгааххытынан истэ сэҥээрдиҥитиий. А-ИМН ОЫЭБЫ
5. Чуор, сэргэх (кулгаах). Чуткий (об ушах)
Этэр тылбын Эрэһэлээх кулгааххынан Истэн тур эрэ! Д. Говоров
6. Туруору көрөр, сытыы (харах). Прямой, острый, проницательный (о взгляде)
[Квагантирадзе] Мунна өссө кырыыламмыта, чыпчылыйбат эрэһэлээх хараҕа төгүрүйэн кэҥээн кэлбитэ. «Кыым»
Икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах — олус киэҥ төгүрүк сырдык харахтаах. С большими круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами.