Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрэһэлээх

даҕ.
1. Дьиримнэс күүгэннээх эрэһэ долгуннаах. Покрытый рябью; пенистый (о волнах)
Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
Эрэһэлээх долгуннаах Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм Эҕэрдэлээх кытылыгар …… Уруй-туску олбохтоох Ороссолуода хочото Олохсуйан олорор. Н. Степанов
2. көсп., фольк. Аймалҕаннаах, сүпсүктээх (илин халлаан). Беспокойный, тревожный (о восточном небе — в олонхо)
Эрэһэлээх илин халлааннарын Эҥийэлээх иитин аннынан Эрийэ баттаан көрдөххө …… Улуу удаҕан дьахталларым Илгистэ-эккирии туралларын курдук [тыалардаах эбит]. П. Ойуунускай
3. Бөҕө миилэлээх, бөҕө (тиис). Крепкие (о зубах)
Эрэһэлээх тииһим эргэрэн эмтэрийбитин Эмээхсин буолан баран Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ Этэр тылыҥ тиийбэтинэн Эгэлгэ-эриэккэс эбит. А. Софронов. Уол оҕо барахсан …… Эрэһэлээх тииһэ Эмтэрийбитин иһин, Киэһэ хонорун кэмнэнэр, Сарсын турарын сананар. Саха нор. ыр. II
4. Илбистээх, абылаҥнаах (тыл). Проникновенный, внушительный (о слове)
Дьэ, мин киһи эрэһэлээх тылым иччитин Икки тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут кэй чуор кулгааххытынан истэ сэҥээрдиҥитиий. А-ИМН ОЫЭБЫ
5. Чуор, сэргэх (кулгаах). Чуткий (об ушах)
Этэр тылбын Эрэһэлээх кулгааххынан Истэн тур эрэ! Д. Говоров
6. Туруору көрөр, сытыы (харах). Прямой, острый, проницательный (о взгляде)
[Квагантирадзе] Мунна өссө кырыыламмыта, чыпчылыйбат эрэһэлээх хараҕа төгүрүйэн кэҥээн кэлбитэ. «Кыым»
Икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах — олус киэҥ төгүрүк сырдык харахтаах. С большими круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами.


Еще переводы:

эрдиилэн

эрдиилэн (Якутский → Якутский)

  1. эрт диэнтэн бэй туһ. «Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох!» — диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
  2. Эрдиилээх буол. Иметь весло. Саҥа, бөҕө-таҕа эрдиилэнним
эрэһэ

эрэһэ (Якутский → Русский)

1) сверло; 2) мундштук Пекарский: ; икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах с большими, круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами,
Я. Аан Эрэхэ ойуун один из двух сыновей Омоҕой-а и отец Нам-а.
3) решето

элэйтэлээ

элэйтэлээ (Якутский → Якутский)

элэй диэнтэн төхт
көрүҥ. Кырдьа былаан, баттахпыт Кыырыктыйан маҥхайбыт, Эрэһэлээх тиистэрбит Элэйтэлээн эрэр эбит. Күннүк Уурастыырап
Онон-манан элэйтэлээбит андаатар тириитэ бэргэһэлээх, саар тэгил уҥуохтаах киһи уулусса устун аа-дьуо хааман иһэр. Н. Апросимов

эрэлий

эрэлий (Якутский → Якутский)

көр эрилий
Сүҥкэн өрүс нэлэһийэ устар. Эрэһэ долгуна эрэлийэр. Таллан Бүрэ
Эрэһэлээх долгуннаах, Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм. Н. Степанов
[Омуоча — Манчаарыга:] Арааһа, хоргус киһи буолбатах быһыылааххын. Эрэлийэн хотой курдук эбиккин ээ! И. Гоголев