сыһ. Араас өттүттэн, араастаан эргитэн. ☉ Всяко-разно
Кыраҕытык сыныйа, эридьиэстик эгэлгэлээн өйдөөтөххө, кырдьык да, олус уустук. С. Маисов
Якутский → Якутский
эридьиэстик
эридьиэс i
аат., эргэр. Туох эмэ (хол., үп-ас) кэлиитин-барыытын сурукка тиһэн, бэлиэтэнэн иһии. ☉ Письменный перечень чего-л. (напр., денежного потока), опись, реестр
«Манна араас дьыалатын, эридьиэһин барытын хаалаан сырыттаҕа», — дии санаата оҕонньор. Д. Таас
Нойоон, ыл, суоту уонна эридьиэс кинигэтин аҕал эрэ. Ойуку
Нооһой [киһи аата] Куоҕастаах биир кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, атыытутуу суругун, эридьиэһин тулуппат буолар. Улдьаа Харалы
эридьиэс ii
аат. Туох эмэ ол-бу эгэлгэтэ, арааһа. ☉ Разнообразие, разнородность чего-л.
Этэр тыл дэгэтэ, эридьиэһэ бэрт элбэх быһыылаах. П. Аввакумов
Мин баҕам туох да эридьиэһэ суох, ураҕас курдук көнө. П. Степанов
Олоҕу олоруу судургу, хонууну туорааһын буолбатах, эриэнэ, эридьиэһэ элбэх. Лоһуура
Дьахтар санаата уустугун, эргитэр эйгэтин эридьиэһин ким толору таайбыта баарай. «Чолбон»
Еще переводы: