аат.
1. Сытарга төбө анныгар ууруллар аналлаах, тула өттүттэн хам тигиллибит хаа иһигэр көтөр түүтэ эбэтэр атын сымнаҕас баата курдук матырыйаал симиллибитэ. ☉ Подушка
Маайа улам налыйан, сыттыгар умса түһэн, ытаан барда. Амма Аччыгыйа
Сыттыкка төбөтүн уураат, Сэмэнчик мунна тыаһаабытынан барда. Н. Якутскай
Маҥан сыттыкка таайым сирэйэ муостан оҥоһуллубут кэриэтэ саһарар. Н. Габышев
2. Өһүө, эриэлсэ уо. д. а. анныгар үктэл буолар буруус мас. ☉ Деревянные брусья-подставки, которые кладут под матицу дома (под рельсы и т. д.)
Муостаны, сыттык мастарын түһэртээтилэр, оһоҕо ханан туруоҕун сүбэлэстилэр. С. Дадаскинов
Парник бөҕө буоллун диэн уһаты иини сыттык мастар уобалларыгар түһэриллэр. КММ ОК
Тимир суол ыллыктара сыттык мастар үрдүлэригэр уп-уһун, хап-хара эриэн үөн курдук субуруһан сыталлар. В. Осеева (тылб.)
ср. тув. сыттык, ДТС йастух ‘подушка’