Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эриэннэн

эриэннээ диэнтэн бэй., атын
туһ. Моҕотой курдук эриэннэммит бэрэбинэлэри сыыртан түһэртииллэр. М. Доҕордуурап
Уол хатырыктара эриэннэммэтэх сиэрдийэлэри соһуталаан аҕалла. Н. Борисов
Хойуу суурадаһынынан эриэннэнэ ойууламмыт истиэнэни кылааккайдыыгын. «ХС»


Еще переводы:

эриэннээ

эриэннээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугу эмэ эриэн гын, эриэн буоларын курдук оҥор. Делать что-л. пёстрым, полосатым, цветным
Остуолбалары үрүҥ-хара кыраасканан эриэннээн баран, сыыр хааһыгар туруораллара. Н. Абыйчанин
2. Мас (хол., сиэрдийэ) субатын алдьаппат курдук хатырыгын суор, кыс. Тесать, обтёсывать (напр., жердь), не повреждая внутренний слой дерева
Дүлүҥ оҥорон эриэннии-эриэннии, …… биирдии сыарҕа буолар гына чөмөхтөөн иһэллэр. М. Доҕордуурап
Оҕонньор сиэрдийэтин кэрдэн, эриэннээн симнэ. КН ПБ
Тутуу, оттук мас төбөтүн эриэннээн чөмөхтөөһүн, маһы саһааннаан тиэйии …… көдьүүһэ үгүс этэ. «Кыым»
3. кэпс. Онон-манан эриэннэн, эриэн буолан бар (хол. хаар ууллан барыыта). Быть пёстрым, пестреть (напр., во время таяния снега)
Халдьаайы быардарын хаара улам хаптайан, сир эриэннээн, хараара сатаан эрэр. Н. Заболоцкай
Кус ордук үгэннээн кэлэр кэмэ, оттон манна сорох сир хаара эриэннии да илик. «Чолбон»