Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрэй-хоргут

туохт. Чугас дьонуҥ тугу эмэ биэриэхтэрэ диэн эрэммитиҥ табыллыбатаҕыттан хомой. Обманувшись в надежде на что-л., огорчиться
Эрэйэ-хоргута барыа диэн Эдэр ынах энньэлээтилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕонньор уолугар тиийдэ: Тукаам, биһигиттэн тугу эрэйэ-хоргута барар үһүгүөн. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

тыһаҕастаа

тыһаҕастаа (Якутский → Якутский)

туохт. Кимиэхэ эмэ тыһаҕаста анаа, биэр. Обеспечить, наделить кого-л. двухгодовалым бычком или тёлкой
Эрэйэ-хоргута барыа диэн, Эдэр анах энньэлээтилэр; Тыынньа иитимньитэ гыннын диэн, Тыһы тыһаҕастаатылар. Өксөкүлээх Өлөксөй

тыынньа

тыынньа (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Элбэх иитимньи (үксүгэр оҕо-уруу, кыамматтүгэммэт аймах туһунан этэргэ). Большая семья, многочисленные иждивенцы (обычно о детях, немощных родственниках)
Эрэйэ-хоргута барыа диэн, Эдэр анах энньэлээтилэр; Тыынньа иитимньитэ гыннын диэн, Тыһы тыһаҕастаатылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сорох ардыгар тарбахтарбын быһыталаан кэбиһиэхпин баҕарталыыбын. Оччоҕо мин тыынньаларбын ким иитэлиэй диэн туттунабын. «Чолбон»
Ярмолаттан аккаастанар туһунан санаталаан барбытым... Ону, кини тыынньата олус элбэҕэ бэрдиттэн, аһынан сылдьыбытым. А. Куприн (тылб.)

энньэлээ

энньэлээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Сүктэр кыыскар энньэ (сүөһү, үп, таҥас-сап уо. д. а.) биэрэн ыыт. Давать что-л. в приданое выходящей замуж дочери. Омоҕой кыыһыгар биир кырдьаҕас сиэлэкутуруга бараммыт атыыры, биир хатыр тумустаах кэннин этэ хаппыт эбир кугас биэни, биир кутуруга-муоһа суох кугас маҕаас ынаҕы энньэлиир. Саха сэһ
1977
Эрэйэ-хоргута барыа диэн, Эдэр ынах энньэлээтилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Баар-суох уурунуу харчыбын, үйэм сааһым тухары мунньуммут, кыргыттарым улааттахтарына энньэлээн биэриэм диэн харыстаан сылдьыбыт көмүстэрбин илдьэ күрээн хаалбыттар. Г. Нельбисова

эрээхтээ

эрээхтээ (Якутский → Якутский)

эр диэнтэн атаах.
1. Туһааҥҥа эбэтэр этиигэ аһынар, иһирэхситэр дэгэт сыһыаны бэлиэтиир көмө туохтуур. В сочетании с деепричастием на -ан придаёт действию, выраженному основным глаголом, оттенок жалости, сочувствия
Хаһан утуйан эрээхтииллэрэ эбитэ буолла. Амма Аччыгыйа
Барахсаным, төһө эрэ эрэйдэнэн эрээхтиир. Аһынан итинник этэбин. М. Попов
«Дьөгүөссэ эрэйдээх саҥараахтаабат, төһө эрэ хоргутан эрээхтиир», — Марыыска өссө дириҥник үөһэ тыынна. Дьүөгэ Ааныстыырап
2. Сиилиир-хоһулуур, итэҕэйбэт, күлүү гынар дэгэти биэрэр. Придаёт оттенок пренебрежительности к действию основного глагола, выраженного деепричастием на -ан
Тугун эрэ саныы-саныы быччайан эрээхтиир буолла? Амма Аччыгыйа
Хайдах эбитэ буолла, кэпсээн эрээхтээтэҕиҥ. Ол эрээри киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар. «ХС»
Дьэ дьоннор эҥин-эҥин да буолан эрээхтииллэр. Күндэ