Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эһиэлээ

эс I диэнтэн төхт
көрүҥ. Ньуукан логлорута анньан, көһөҥө хаары эһиэлээн, хороон устун хаһан истэ. Чэчир-68
Кыыс хаарбас иһигэр олорон, уҥа илиитинэн хомуоһунан ууну баһан эһиэлээтэ. «Чолбон»
Тимир оһох үрдүгэр ылтаһын чаанньык, хаппаҕын өрүтэ эһиэлээн, лыбыгырата турбута. Е. Ильина (тылб.)


Еще переводы:

лэбиргэт

лэбиргэт (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Тугу эмэ лэбиргээн тыаһыыр курдук оҥор (хол., тугу эмэ быраҕаттаан, эһиэлээн). Производить чем-л. лёгкий шлепок (напр., бросая землю лопатой)
«Үүнүү» холкуос үлэһиттэрэ, Үөл ойуур кэтэҕэр Үһүс хотоннорун бүтэрэн, Үрдүгэр буор ыһан лэбиргэттилэр. С. Васильев
2. кэпс. Хойуу аһы түргэн-түргэнник баһыалаан сиэ. Черпая ложкой, есть с аппетитом что-л. густое, хлебать, пришлёпывая губами
Сүөдэр Сүөдэрэбис …… килиэби мотуйда, сугуннаах сүөгэйи лэбиргэттэ. П. Аввакумов