туохт. Төһө эрэ кэмҥэ орто дойдуга олор, төһө эрэ үйэлээх буол. ☉ Жить, быть живым в течение отведённого судьбой времени (о ком-л.)
Оҕоҥ аатырдаҕына, Быстах ыйаахтаныа, Суомах оҥоһууланыа, Өтөр үйэлэниэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Кини уһун үйэлэнэн эрэйдээх-буруйдаах, муҥнаах-таҥнаах олоҕу олорбута. И. Данилов
Ким эрэ кылгас үйэлэнэр, ким эрэ кэлин соҕотох хаалан үйэтин моҥуур. «ХС»
△ Төһө эрэ кэмҥэ баар буол, үйэлээх буол (туох эмэ туһунан). ☉ Быть, существовать (о чём-л.)
Силиһиттэн арахсыбыт үүнээйи өр үйэлэнээччитэ суох. Софр. Данилов
Хоһоонуҥ өлбөт үйэлэннэ, Хоту сирим поэта! Эллэй
[Сирдойду аатыгар] унньулхай ааттар хаһан да уһун үйэлэммэттэр. Багдарыын Сүлбэ
Якутский → Якутский
үйэлэн
Еще переводы: