трудиться, работать (долго, сосредоточенно).
Якутский → Русский
үлэлээ-хамнаа=
үлэлээ=
работать, трудиться; тутууга үлэлээ = работать на строительстве; норуот туһугар үлэлээ = трудиться на благо народа; хаачыстыбалаахтык үлэлээ = делать что-л. качественно; ааҕар саалаҕа үлэлээ= заниматься в читальном зале.
Якутский → Якутский
үлэлээччи
аат. Туох эмэ үлэни толорор киһи. ☉ Тот, кто выполняет какую-л. работу
Бүлүүтээҕи ГЭС тутуутугар үлэлээччи сэбиэскэй дьоннору [оҕонньор] халыҥ хайаны хампарытар, дохсун дьулусханы бохсор кыахтаах олоҥхо бухатыырдарыгар холуйара. И. Данилов
Ону таһынан сиэйэлкэҕэ үлэлээччилэргэ, үчүгэй хаачыстыбалаахтык ыстахтарына, хамнастарын сэттэ уон биэс бырыһыан үрдэтэллэр эбит. П. Егоров
үлэлээ
туохт.
1. Тугунан эмэ дьарыктан, бэйэҥ үлэҕинэн туох эмэ дьайыылары оҥор. ☉ Работать, трудиться
Дьиҥэр, маннык куһаҕан сааска, күн көрө түстэр эрэ үлэлээбитинэн барыахха баара. П. Егоров
Бэрт дьаныардаахтык көлөһүнү кэрэйбэккэ күнүстэри-түүннэри үлэлиибит. И. Данилов
[Ийэлэрэ] куоракка олордоҕуна, ыалларга илии-атах буолан, иппэй-туппай үлэлээн, ханнык эмэ харчы сыыһын өлөрөр. Ф. Софронов
Атастарым, кэлэн үлэлээбиккитигэр баһыыбаларыҥ! М. Доҕордуурап
2. Туох эмэ аналгынан дьайар туруктаах буол, дьай (хол., тэрилтэ, тиэхиньикэ, собуот). ☉ Действовать, функционировать (напр., о заводе, технике)
Манна [Кэмпэндээйигэ] эмтээх бадараанынан эмтиир сонотуоруй үлэлиир. И. Данилов
Ханна эрэ тыраахтар үлэлиир. Н. Заболоцкай
Бүлүмүөт үлэлээбитин курдук үлэлиир. Т. Сметанин
3. Ханна эмэ, ханнык эмэ тэрилтэҕэ сулууспалаа, ханна эмэ туох эрэ эбээһинэһин толор, дьарыктаах буол. ☉ Работать, иметь какое-л. занятие, служить где-л. Кини сэрии буолуон иннинэ сэбиэт кулуубугар үлэлээбитэ. Суорун Омоллоон
Үгүс сылларга буостаҕа үлэлээбитим. Н. Якутскай
Кыыс …… кыһынын оҕо саадыгар таҥас сууйааччынан үлэлээбитэ үһүс сыла буолла. Т. Находкина
Еще переводы: