Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үргээ

туохт. Тугу эмэ (оту, түүнү о. д. а.) турута тарт, тоноо. Рвать, срывать, выдёргивать что-л. Бааска сугуну үргүөн баҕарбыт этэ да, …… үргүүр иһитэ суох буолан биэрбитэ. Далан
Биир киһи сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. Л. Попов
Күөрэгэй хас да итинник эмтээх оттору үргээн ылла. Т. Сметанин
Ыксаан, оту үргээн ылан дэйбиирдэнэ сатаатым да, төрүт истибэтэ. «ХС»
Баттаҕын үргээ көр баттах I
Оҕонньор «Оту тоҕо тэпсэҕин?» — диэн ыга көбүөлээн баран, туттаран ылан баттахпын үргээбитэ. Амма Аччыгыйа
Кини аҕатын Бүөтүр оҕонньор баттыырын, сотору-сотору баттаҕын үргүүрүн өйдөөтө. «ХС»
Түүтүн үргээ көр түү. Тархаевы мунньахха туруоран хайаан да үчүгэйдик кирдиэлэтэргэ, түүтүн үргүүргэ кытаанахтык сананна. В. Ойуурускай

Якутский → Русский

үргээ=

рвать, срывать, обрывать; дёргать, выдёргивать; күөх отто үргээ = нарвать зелёной травы; куста үргээ = ощипать утку; отонно үргээ = собрать ягоды; оҕуруот отун үргээ = полоть огород # баттаҕын үргээ = оттаскать за волосы.

Якутский → Английский

үргээ=

n. to pick (a flower)


Еще переводы:

нащипать

нащипать (Русский → Якутский)

сов. что, чего үргээ; нащипать травы отто үргээ.

ощипать

ощипать (Русский → Якутский)

сов., ощипывать несов. үргээн кэбис, үргээ.

выполоть

выполоть (Русский → Якутский)

сов. что отун үргээн кэбис, үргээ.

выдергать

выдергать (Русский → Якутский)

сов. что, разг. үргээ, турута тыыт.

пощипывать

пощипывать (Русский → Якутский)

несов. что, разг. кымыста-талаа, үргээ, үргэтэлээ.

прополоть

прополоть (Русский → Якутский)

сов. что оттоо, сыыс оту үргээ; прополоть огурцы огурсу сыыс отун үргээ.

ургээһин

ургээһин (Якутский → Русский)

и. д. от үргээ=; сыыс оту үргээһин прополка сорняков.

общипать

общипать (Русский → Якутский)

сов., общипывать несов. кого-что үргээ, үргээн кэбис; общипать утку куһу үргээн кэбис.

сквозняк

сквозняк (Русский → Якутский)

м. үргүөр.

ощипывает

ощипывает (Русский → Якутский)

гл
үргүүр