туохт.
1. Кими эмэ уруйдаан, быраһаайдаһан, эбэтэр махтанан, тобуккун бокутан тоҥхой, бокулуоннаа. ☉ Кланяться, делать поклон кому-л. в знак приветствия, прощания или почтения, благодарности
Сэрии тойоно, күн судаарын уруйдаан үстэ сүгүрүйэн баран, кыһыл көмүс бакаалын өрө ууммута үһү. П. Ойуунускай. Тогойкин Ивановтаах Фокин диэки сүгүрүйдэ: «Хайыһар бэлэм, табаарыс капитаннар!» Амма Аччыгыйа. [Маттаҥаа] санаарҕаабыттыы тыһыргыыр көмүлүөк оһоххо сүгүрүйдэ: «Аал уот иччитэ, быраһаай!» И. Гоголев
2. көсп. Кимиэхэ эмэ ытыктабыллаахтык сыһыаннас, кими эмэ олус убаастаа, үчүгэйдик санаа. ☉ Почитать когочто-л., преклоняться перед кем-чем-л., уважительно относиться к кому-чему-л.
Кэрэ кыыс, толуу дьахтар, Эһиэхэ сүгүрүйэбин, Эһиги суоххут буоллар Поэт буолуо суох этим мин. И. Гоголев
Ийэ... Ити тылга бэринэ, сүгүрүйэ, Ыллаан, күнү көрбүппүт. И. Федосеев
Баабыр, өбүгэлэр үгэстэригэр сүгүрүйэр иэһин боруостаабыт киһи быһыытынан, омуһах диэки аргыый, ол эрээри чиҥ-чиҥник хардыылаабытынан барда. Н. Заболоцкай
△ Ханнык эмэ таҥараны эбэтэр туох эмэ үрдүкү күүһү итэҕэй, таҥара курдук ытыктаа. ☉ Почитать что-л. как божество, веровать
Киһи айылҕа сокуоннарын билбэтиттэн сылтаан, туох эрэ үрдүгү булан, онуоха сүгүрүйэ сатыыра. Н. Лугинов
Кырдьаҕастар бары даҕаны сиргэ-уокка наһаа сүгүрүйэллэрэ итиэннэ биһигини сүгүрүйэр буоларбытыгар уһуйаллара. И. Сосин
Саха өбүгэлэрэ чопчу ханнык маска сүгүрүйбүттэрэ буолуой диэн боппуруос үөскүүр. «Чолбон»
3. көсп. Кимтэн эмэ тугу эмэ оҥороругар көрдөс-ааттас. ☉ Просить, упрашивать кого-л. о чём-л.
Бары үөрүүнэн хотойу Баһылыгынан талбыттар, «Сөрүүн сири бул!» — диэн Сүгүрүйэ турбуттар. С. Васильев
«Чэ, кэлэн, хоноһолор, аһааҥ», — диэн Дыгын бэйэтинэн сүгүрүйбүт. Эрилик Эристиин
Улуус тойотторо туох дииллэр, сүгүрүйэн көрүөм. Сарсыҥҥы мунньахха тахсан, Куһаҕан Ньукулай уолун самнараллара сөп этэ. М. Доҕордуурап
♦ Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн <хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан> эрэбин көр сүһүөх
Эйиэхэ сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэ, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйа турабыт. Ньургун Боотур
Көрдөһөн сүһүөхтээх бэйэлэрэ сүгүрүйэ тураллар. Амма Аччыгыйа
Үтүө булкунан үтэлээбиккэр хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн тураммын ахтаах арыынан аһатан эрэбин! И. Семёнов
<Үс бараа хара> күлүгэр сүгүрүй — <үс бараа хара> күлүгэр үҥк диэн курдук (көр күлүк). Күн өркөн ууһун Күүстээх оҕотугар, Үс бараа хара күлүккэр Үстэ сүгүрүйдэҕим буоллун. П. Ойуунускай
Илиибин түөспэр туттан Эн күлүккэр сүгүрүйэбин. И. Гоголев
Үрүҥ аанньалларым, сиэстэрэ кыргыттар, Эһиги үс күлүккүтүгэр сүгүрүйүөм, Эмп сыттаах дьикти дууһаҕытыгар. Н. Босиков
ср. тув. сөгүрүүр ‘поклониться, поклоняться (почитать)’, уйг. жүкүнмэк ‘становиться на колени, преклонить колени’